Чурапчы улууһун Туора-Күөл нэһилиэгэр 90/40 миэстэлээх саҥа оскуола-саад тутулла турар. Эбийиэк «2020-2025 сс. тыа сирин комплекснай сайдыыта» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама «Современный облик сельских территорий» диэн сүрүн тэрээһинин чэрчитинэн ыытыллар, диэн СИА иһитиннэрэр.
Билигин Хайахсыт орто оскуолата 1929 сыллааҕы эргэ мас дьиэҕэ баар.
Саҥа икки этээстээх оскуола дьиэтигэр үөрэх кылаастара, спортивнай уонна актовай саалалар, остолобуой, библиотека, душевой кабинеттар, мас мастарыскыайдара, домоводство кабинета, быраас кабинета, уһуйааҥҥа — орто, старшай уонна бэлэмниир бөлөх хосторо, методическай кабинет, музыкальнай уонна гимнастическай дьарык саалалара уо. д. а кабинеттар баар буолуохтара.
Оскуола таһыгар күнтэн хаххалыыр навестаах оҕолор оонньуур площадкалара, физкультурнай-спортивнай уонна хаһаайыстыбаннай-бытовой площадкалар баар буолуохтара, ону тэҥэ автостоянка көрүллэр.
Билигин эбийиэккэ үлэ бара турар, инженернэй ситимнэри тардаллар. Барыта тутууга 43 киһи үлэлиир. Сыл бүтүүтэ эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх.