22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чурапчы Мугудайыгар "Күбэйэ" түмсүү 15 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Фото: К.Г.Аммосова/Мугудай
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аҕыйах хонуктааҕыта Чурапчы Мугудайыгар «Күбэйэ» түмсүү 15 сыллаах үбүлүөйүн дьоро киэһэтэ буолан ааста диэн, СИА олохтоох «Эйгэ» култуура киинигэр сигэнэн иһитиннэрэр.

15 сыллаах үлэни кэрэһилиир баай ис хоһоонноох быыстапка дьон болҕомтотун ылла. Үгэскэ кубулуйбут аахсыйа быһыытынан, «Күбэйэ» түмсүү салайааччыта Евдокия Петровна Катакова  быйыл саҥа оҕоломмут ыалларга оҕо киинин угар мөһөөччүк тикпиттэрин 4 ыалга туттарда. Уһуйаан оҕолоругар анаан тикпит олбохторун бэлэхтээтэ. Балыыһаҕа сытар кырдьаҕастарга ааҕалларыгар кинигэлэри утары уунна. Оскуолаҕа бэйэлэрэ таҥас кырадаһыннарыттар тикпит Саха сирин картатын, оҕолор Саха сирин улуустарын  үөрэтэллэригэр анаан, бэлэх уунна. Сынньалаҥ киинигэр сайыҥҥы сибэкки рассаадатын бэлэхтииллэрин биллэрдэ, Мугудай администрациятыгар ыһыахха дылы ат симэҕин тигэн бэлэх уунар былааннаахтарын иһитиннэрдэ.

«Мин түмсүүгэ быйылгыттан саҕалаан сылдьабын. Улахан тигии баар буоллаҕына, кулуупка мустан иистэнэбит. Ыам ыйыттан саҕалаан, арааһа ат толору симэҕин тигэрбит буолуо. Биэнсийэлээх киһиэхэ, дьиэҕэ таах сытыахтаахтааҕар мустан иистэнэр, үөлээннээхтэргин кытары көрсөн кэпсэтэр үчүгэй. Норуот маастардара араас маастар-кылаастары ыыталлар, киһи онно элбэххэ үөрэнэр. Түмсүүгэ сылдьарга харчы төлөөбөппүт, туох эмэ тэрээһин буолар түгэнигэр ол бу матырыйаалага эҥин кыттыһыахпытын сөп. Күһүн байыаннай дьаһалга барбыт эр дьоҥҥо сылаас таҥас тигэн ыыппыппыт», — диэн түмсүү чилиэнэ Дария Сивцева кэпсээтэ.

«Күбэйэ» түмсүү элбэх аһымал аахсыйаларга, араас таһымнаах быыстапкаларга, күрэстэргэ, бэстибээллэргэ нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ ыытар дьаһалларыгар көхтөөх кыттыыны ылар. Билиҥҥи туругунан түмсүүгэ 27 киһи сылдьар, онтон 17  норуот маастардара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА