23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Чолбон" бөлөх кулун тутар 15 күнүгэр үс саха тылынан санаатын этиэҕэ

11:31, 03 марта 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьиҥ сахалыы ырыатынан-тойугунан аан бастакынан бүтүн дойду үрдүнэн сахалары ааттаппыт «Чолбон» бөлөх соҕотох кэнсиэригэр ыҥырар. Тыыннаах муусука «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр кулун тутар 15 күнүгэр дьүрүһүйэ кутуллуо.


Аан дойдуга ханна да суох музыкальнай хайысханы бастакынан саҕалаабыт, анал идэлээхтэр үрдүк сыанабылларын ылбыт ,, Чолбон,, музыката бүгүн да тыыннаах.

«Чолбон» бөлөх «Үс саха тылынан санаабын этиэм» диэн кэнсиэрэ айылҕаттан айдарыылаах музыкант, талааннаах аранжировщик Александр Ильин-Чолбон Сааска 60 сааһын туоларыгар ананар.

Кэнсиэр «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр киэһэ 7 чаастан буолар.

«Кэлиҥ, сылдьыҥ, дуоһуйуҥ номоххо киирбит улуу «Чолбон» тыыннаах музыкатынан! Кэнсиэр Үөһээ Бүлүүтээҕи дьаһалта, Үөһээ Бүлүүтээҕи культура уонна сайдыы киинэ көмөлөрүнэн буолар. Кинилэргэ махтанабыт», — диэн «Чолбон» бөлөх ырыатын фанаттара иһитиннэрдилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА