22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чокурдаах олохтоохторо "Үйэлээх полк" аахсыйаҕа онлайн кытыннылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чокурдаах киинигэр турар култуура дьиэтин таһыгар «Үйэлээх полк» аахсыйа Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыттар хаартыскаларынан ыытылынна. Олохтоохтор дьиэлэрин таһын, түннүктэрин бырааһынньыктыы киэргэттилэр.


Аллайыаха улууһун дьоно-сэргэтэ Кыайыы күнүн «самоизоляция» эрэһиимигэр бэлиэтээтэ.

«Үйэлээх полк», «Кыайыы түннүгэ» аахсыйаларга дьон сөбүлээн кытынна. Аҕа дойду улуу сэриитигэр уоттаах кыргыһыыга сылдьыбыт, тыылга үлэлээбит, сэрии кэмин оҕолорун хаартыскаларын түннүктэригэр ууран, сүгүрүйдүлэр.

Бөһүөлэк ортотугар турар кулууп дьиэ таһын «Үйэлээх полк» дьаһалынан тэрийдилэр.

Биирдиилээн ыаллар, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо олбуордарын, тиэргэннэрин, киирэр-тахсар кирилиэстэрин бырааһынньыктыы симээтилэр. Эһээлэрин-эбээлэрин мэтириэттэрин көстүүлээх сиргэ ыйаатылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА