22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Черов и К» тэрилтэттэн эмсэҕэлээбиттэргэ төлөбүр оҥоһуллар

12:01, 18 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр дьиэни өлүүлэһэн туттарааччыларга компенсация төлөбүрүгэр 88 мөл солк тыырылынна. Манна 47 албыннаппыт «дольщик» киирсэр, «Черов и К» тэрилтэни кытта 42 дуогабардаах түөрт дьиэҕэ, суруйар ТАСС.

«Федеральнайдааҕы уоргаттары кытта өр кэмнээх үлэ кэннэ 88 мөл солк албыннаппыт дольщиктарга компенсация төлөөһүнүгэр көрүллэр буолла. Дьиэни өлүүлэһэн туттарааччы быраабын көмүскээһин бастакы күөҥҥэ тутуллар сорук буолар«, — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Кирилл Бычков.

Регионнааҕы тутуу министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 47 өлүүлэһэн туттарааччы ортотугар сэттэ киһи «хоһулаан атыылааһынтан» эмсэҕэлээбиттэр ахсааннарыгар киирсэр.

Биэдэмистибэҕэ эппиттэринэн, «Черов и К» түөрт дьиэтиттэн иккитэ салгыы тутуллуохтаах, ол туһунан тустаах хайысхаҕа Кэтээн көрүү сэбиэтин быһаарыыта 2020 сыл ахсынньы 30 күнүгэр тахсыбыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА