22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чаппандаҕа сылгыһыттар күрэхтэстилэр

Хаартыска "Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйа Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспатын тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ Ньурба улууһун Чаппандатыгар «Сылгыһыт күрэҕэ»диэн сүүмэрдиир күрэхтэһии буолан ааста. Күрэхтэһии Саха сиригэр Сылгыһыт күнүгэр ыытыллар күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии быһыытынан ыытылынна диэн, Саха сирэ суруйар.

Тэрээһини үөрүүлээх аһыыга СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ Георгий Балакшин, Ньурба улууһун баһылыга, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Ньурбатааҕы салаатын сэкирэтээрэ  Алексей Иннокентьев,  Чаппанда баһылыга Краснослав Бухолов уонна Ньурба улууһун тыатын хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Леонид Ушканов кытыннылар. Санатар буоллахха, быйылгы тэрээһин Социалистическай Үлэ Дьоруойа, биллэр-көстөр сылгыһыт Тимофей Спиридонович Лукин төрөөбүтэ 110 сылыгар ананна.

Күрэхтэһии түмүгүнэн бастакы миэстэни Октябрьскай нэһилиэгин (80 тыһ. солк  сэртипикээт), иккис миэстэни  Чаппанда нэһилиэгин (60 тыһ. солк сэртипикээт) уонна Ньурбачаан нэһилиэгин (40 тыһ. солк сэртипикээт) хамаандалара ыллылар. Кыайыылаах хамаанда кулун тутар 21-22 күннэригэр Амма улууһугар ыытыллар Сылгыһыт күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ кыттыаҕа.

«Маннык хабааннаах күрэхтэһиилэри тэрийэри биир бэйэм олус наадалааҕынан ааҕабын. Тоҕо диэтэххэ, сылгыны иитиигэ улахан көдьүүстээҕэ чуолкай.  Ону тэҥэ, сылгыһыт идэтин таһымын үрдэтиигэ улахан көмөнү оҥорор. Тэрээһин ыырын өссө кэҥэтиэххэ наада. Ол курдук, кэлиҥҥи кэмҥэ  манна туристар болҕомтолорун ууран эрэллэр. Сарсын буолуохтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи тустаах күрэхтэһиигэ кыттаары сылдьар сылгыһыттарга ситиһиилэри баҕарабын», — диэн Георгий Балакшин санаатын үллэһиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА