Бу күннэргэ Чөркөөхтөөҕү аһаҕас халлаан анныгар турар историко-этнографическай комплекс музейыгар 14-с төгүлүн республикатааҕы «Тыа оскуолата уонна үөрэхтээһин маарката» педагогическай дьаарбаҥка ыытылынна.
Үс күн устата Таатта улууһун Чөркөөҕө республика үөрэхтээһинин эйгэтин эргийэр киинигэр кубулуйда. Дьаарбаҥкаҕа республика 26 улууһуттан 3000 тахса үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ кэллилэр. Эрдэлээн эттэххэ, быйылгы дьаарбаҥка бэйэтин историятыгар саҥа кирбиини ылла – ол үс тыһыынчаттан тахса кыттааччы кэлбитэ, туһугар рекорд олохтонно.
Улуус баһылыга Михаил Соров педагогическай дьаарбаҥка кыттааччыларын эҕэрдэлээтэ. «Таатта саха норуотун духуобунай сайдыытыгар, судаарыстыбаннас төрүттэниитигэр оҥорбут кылаата, үс реалист суруйааччыта, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит, судаарыстыбаннаһы олохтоспут П.А.Ойуунускайа, саха бастакы народнай суруйааччыларын түөлбэлэрэ буолар. Таатта хас биирдии хонноҕо, быттыга идэмэрдээх, улуу олоҥхоһуттар, чабырҕаһыхтар төрөөн-үөскээн ааспыт сирдэрэ. Ураты сир. Эһиги үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын», — диэтэ кини.
Бу күн педагогическай-дьаарбаҥкаҕа виртуальнай түһүмэххэ 490 бырайыак кыттан бастакы дипломаннар, кыайыылаахтар ааттара ааттаннылар.
Дьаарбаҥкаҕа үөрэхтээһин эйгэтин партнердара Москваттан, Новосибирскайтан тиийэ кэлэн тэрээһин таһымын үрдэттилэр. Салгыы үөрэхтээһин дьаарбаҥкатыгар СӨ Үөрэҕин министрэ Феодосия Габышева республика улуустарын үөрэх салаатын начальниктарын, улуус баһылыктарын, оскуола директордарын кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтиитэ, төгүрүк остуол ыытылынна.