22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чөркөөххө Аал Луук мас көрөөччүлэригэр эргийдэ

11:41, 30 июня 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу сыл бэс ыйын 29 күнүгэр аһаҕас халлаан анныгар турар, аар саарга аатырар Чөркөөхтөөҕү политссыылка музейыгар үөрүүлээх, өрө көтөҕүллүүлээх күн үүннэ. Ол курдук музей биир кэрэ көстүүлээх Таатта эбэ үрдүгэр миэстэтин көрдөрөн Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон олохтоох ууһу Сэмэн Ыкчановтан көрдөһөн 19-с үйэтээҕи Аал луук маһы үтүгүннэрэн, сайыннаран оҥорторбута. Бу Аал луук мас музей уопсай экспозициятын биир бастыҥ экспоната этэ. Бу олоҥхоҕо аан дойдуну анаарар, орто бараан дойдуну кэпсиир ытык мас 2017 сыллаахха улахан тыалтан улаханнык эмсэҕэлээбитэ.

Эрдэлээн быһааран биэрдэххэ, Чөркөөх музейыгар 1977 сыллаахха Дьүлэй нэһилиэгин Кулуһуннаах диэн үтүөкэннээх алаастан 19-с үйэ ортотугар тутуллубут Аал луук маһы Суорун Омоллоон Чөркөөх музейыгар көһөрөн аҕалбыта. Үгүс сылларга Аал луук мас сүрүн экспонат быһыытынан Николаевскайдааҕы таҥара дьиэтигэр турбута. Үгүс көрөөччү сөҕө-махтайа көрөрө. Урукку дьыллартан ордон хаалбыт Аал Луук мас буоллаҕа. Бу Аал Луук маһы Сэһэн Ардьакыап сиэнэ киһи Мииккэ Абыраамап диэн улуу баай Оруоһуттар уустара Омуос Кунаайапка анаан-минээн оҥорторон Саха сирин устуоруйатыгар киирбит.

Кэлин Суорун Омоллоон көрдөһөн, кэнэҕэски дьон-сэргэ көрөрүгэр ити Аал Луук мас куоппуйатын Сэмэн Ыкчановка оҥорторор. Онтон дьиҥнээх Аал луук маһы 2007 сыллаахха төттөрү урукку турбут сиригэр көһөрбүттэрэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ, Чөркөөх музейын сэбиэдиссэйэ Николай Попов мустубут дьоҥҥо туһаайан: «Биһиги музейбыт үлэтин-хамнаһын интириэһиргээччилэр уонна бу музейбытыгар күүс көмө буола сылдьар бар дьоммутун бүгүҥҥү үөрүүлээх күммүтүнэн коллектив аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиирбин көҥүллээн. Быйыл музейбыт төрүттэммитэ 45 сыла. Дьэ бэйэтэ ханна да хатыламмат уникальнай музей. Манна былыр дьон-сэргэ, политссыылынайдар, сахалар, баайдар, дьадаҥылар ыал, киһи буолар туһугар уорааннаах кыһыны туораан, олорон кэлбит дьиэлэрэ-уоттара турар. Оҕолорун урууларын тэнитэн дьон-сэргэ буолбуттарын, саха төрөөн-үөскээн тахсыбыт олугун Дмитрий Кононович мустаран аһаҕас халлаан анныгар музей тэрийбитэ. Бу орто дойдуга кэлбит барыта кырдьар аналлаах. Бу сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, биһиги улахан кэрэхсэбиллээх объектарбыт күн сириттэн сүтүөх курдук буолан эрэллэр. Бу үлэҕэ-хамнаска өрөспүүбүлүкэбит аҕа баһылыга А.С.Николаев, улууспут баһылыга М.М.Соров сүбэлэһэн, дьиэ кэргэн бэйэлэрин үптэригэр өрөмүөннэри саҕалаабыттара. Итини өрөспүүбүлүкэ үгүс салайааччылара, ол иһигэр Алена Афанасьевна Федорова, биһиги улууспут бастыҥтан бастыҥ, улууһу тутан, хааччыйан олорор тэрилтэлэрэ «Тааттаавтодор», салайааччы И.И.Бочонин, Харбалаахтааҕы «Төлөн» чох разреһа, салайааччы П.Д.Рахлеев салалталаах, «Монтажник» салайааччы А.М.Ханин уонна кинилэр коллективтара өйөөннөр хас биирдии Чөркөөх музейын саамай сүрүн объектарын этэргэ дылы иккис тыыннарыгар киллэрдилэр. Биһиги народнай депутаттарбыт М.Д.Гуляев, Я.А.Ефимов дьиэ кэргэн үбүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ суох биир бастакы Аал луук маспытын саҥартылар, чөлүгэр түһэртилэр. Ити 3 – 4 сыллааҕыта бу мас охтубутугар сүрэхпинэн ыалдьан балыыһаҕа киирэн турабын. Бу маһы хайдах гынабыт диэн. Араас хамыыһыйалар докумуоннара баар. Онно баһыттан атаҕар диэри эмэх буолбут, кыайан уйуттуо суоҕа диэн түмүк таһаарбыттара. Санаа бөҕөҕө түһэ сырыттахпына М.К.Аммосов аатынан ХИФУ учуонайдара Д.А.Красильников, С.А.Кузьмин бэйэлэринэн миэхэ этии киллэрдилэр уонна биир эмэх буолбут талаҕы оботторон, пропиткалаан баран тоһут диэн биэрбиттэрин мин кыайан тоһуппатым. Онтон өй ылан ити учуонайдарбыт күүстэринэн бу өрөмүөннээһин ыытылынна уонна музей коллектива быһаччы кыттыыны ылла. Бу үлэҕэ-хамнаска ордук бэриниилээхтик музей үлэһиттэрин М.М.Охотины, А.М.Тарбаховы, В.В.Яковлевы ааттыыбын», — диэн туран Аал луук маһы чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбит, үбүлээбит норуот депутаттарыгар М.Д.Гуляевка, Я.А.Ефимовка, Чөркөөхтөөҕү музей үлэһиттэригэр М.М.Охотиҥҥа, А.М.Тарбаховка, В.В.Яковлевка, учуонайдарга Е.Ярославскай аатынан сүрүн уонна Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейдарын Махтал суруктарын туттарда.

Бу күн норуот депутаттара Михаил Гуляев, Яков Ефимов, Таатта улууһун депутаттарын сэбиэтин председателэ Валентин Охотин, Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Андрей Семенов, улуустааҕы Норуот Айымньытын дьиэтин специалиһа Яна Никифорова эҕэрдэ тыл эттилэр, туһааннаах үлэлээбит дьоҥҥо Бочуотунай Грамоталары, Махтал суруктары туттардылар.

Норуот депутата Яков Ефимов: «Ил Дархан А.С.Николаев саҕалаабыт бачыымын өйөөн Чөркөөхтөөҕү музей биир бастыҥ объегын чөлүгэр түһэриитигэр дьиэ кэргэнинэн үбүнэн көмөлөстүбүт. Бу үлэ салҕанан, өрөспүүбүлүкэҕэ салгыы тэнийэн барыа диэн эрэнэбин», — диэтэ.

Бу үтүө күҥҥэ анаан кырдьаҕас Чөркөөх бэйиэтэ Елена Филатова-Сыгыйык «Аал луук» мас туһунан хоһоон суруйан ааҕан иһитиннэрдэ.

Былыргыта суох аныгы олох суох. Туох барыта утумнаах. История кэрэһитэ буолар Чөркөөхтөөҕү музей объектарын чөл хаалларарга үгүс үтүө санаалаах ылсан тус кылаатын киллэриэ диэн эрэнэбит.

Ааптар: Светлана Халгаева.

Хаартыскаларга: Чөркөөхтөөҕү аһаҕас халлаан анныгар турар музей биир бастыҥ экспоната – Аал Луук мас көрөөччүлэригэр эргиллибит үөрүүлээх тэрээһинин түгэннэриттэн.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА