Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын кэлимсэ сайыннарыы сүрүн сыала-соруга оҥорон таһаарыыны үрдэтиигэ туһаайыллар. Быйыл агропромышленнай комплексы өйөөһүҥҥэ 10,2 млрд солк. көрүлүннэ.
«Маныаха баар судаарыстыба бырагырааматыгар быйыл 10 млрд 347 мөл.солк. көрүлүннэ. Бюджекка уларытыылар, чуолкайдааһыннар киирбиттэрин түмүгэр 1,1 млрд солк. эбилиннэ. Итини таһынан 1,3 млрд солк. федеральнай киинтэн эбии кэллэ. Кэлиҥҥи сылларга маннык улахан үп-харчы киинтэн бэриллэ илигэ», — диэн бүгүн суруналыыстарга бастакы вице-премьер — тыа хаһаайыстыбатын миниистирин э.т. Петр Алексеев эттэ.
2,2 млрд солк. үүтү атыылаһарга, 900 мөл.солк. хоту дойдуга үгэс буолбут салаалары өйөөһүҥҥэ (табаны иитии, балыктааһын), 1,1 млрд – бэтиринээрдэр үлэлэригэр, 500 мөл. солк. саҕалааччы фермердэри өйүүргэ ананна. Ону таһынан үүнээйини олордууга, сылгыны, сибиинньэни иитиигэ үп-харчы бэриллиэҕэ.
Тас дойдулартан кэлэр аһылыгы, малы-салы олохтоох аһынан-үөлүнэн уонна табаарынан солбуйар туһугар «Сахабулт» ААО тириини оҥорор собуотун саҥардар, сүөһүнү иитэр комплекстары, оҕуруот аһын харайарга анаммыт тутуу, о.д.а. үлэ былааннанар. Ити бырайыактар РФ промышленноһын фондатын кытта хардарыта бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн олоххо киириэхтэрэ.
Быйыл муус устар ыйга ылыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын сүрүннүүр сокуону олоххо киллэрии бу салааны сайыннарыыга олугу ууруоҕа. Онуоха туох-ханнык иннинэ, тыа хаһаайыстыбатын сүрүн бородууксуйатын оҥорон таһаарыы систиэмэтин олоххо киллэрии буолар. «Бородууксуйаҕа бэйэҕэ турар сыанатын нуормата ааҕыллан чопчу быһаарыллыаҕа. Ити көрдөрүүлэргэ олоҕуран судаарыстыбаттан көмө ананыаҕа. Иккиһинэн, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылар судаарыстыба көмөтүн быһыытынан бэриллибит үбү-харчыны туһаныы иһин эппиэтинэстэрэ сокуоҥҥа чуолкайдык ыйыллар. Ону таһынан сокуоҥҥа чопчу боломуочуйалар, ситэриилээх, сокуону оҥорор уонна олохтоох салайыныы былааһын уорганнарын эппиэтинэстэрэ киирдилэр», — диэтэ Алексеев.