Булуҥ улууһун ыччата «Муус устар-2024» бэстибээлгэ кыайан ылбыт харчынан бириэмийэтин «Берегиня» оҕо сайдыытыгар анаммыт кииҥҥэ биэрдэ.
Санаттахха, булуҥнар хамаандалара бэстибээлгэ «Лучший молодежный арктический район» номинацияҕа кыайбыта уонна 1 мөл солк наҕараадаламмыта.
«Оҕо дьиэтигэр наадыйалларын атыыластыбыт. Ноутбуктар, телевизор, экраннар, проектордар уонна колонкалар бааллар. Бу барыта оҕолор сайдыыларыгар көмөлөһүө дии саныыбыт»,- диэтэ социальнай сайдыыга, ыччат бэлиитикэтигэр, спортка отдел салайааччыта Вадим Бобровскай.
«Берегиня» киин махталын тириэртэ, суруйда Маяк Арктики хаһыат телеграм-ханаала.