28 Муус устар 28.04
  • -3°
  • $ 91,78
  • 98,03

Булуҥ оҕолоро балыктарын оскуола буфетыгар туттараллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Булуҥ улууһун Намыы нэһилиэгин Бороҕон орто осуолатын үөрэнээччилэрэ учууталларын кытта ыраах Ураһа учаастагар тиийэн, былырыын бултанар дьиэ туппуттара, диэн Саха сирэ суруйар.

Нэһилиэктэн 42 км тэйиччи сытар Ураһаҕа диэри оскуола үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин бурааннарынан айаннаан тиийэллэр. Урут балааккаҕа хонор эбит буоллахтарына, билигин дьиэ туттубут буолан, балыктыырга усулуобуйа баар. Оскуола уолаттарын балыкка ОБЖ учуутала Андрей Стручков уһуйар.

Каникул саҕана уолаттары кытта эр дьон учууталлар сылдьаллар, араас тэрээһиннэри ыыталлар. Балыктарын оскуола буфетыгар туттараллар. Ол сылдьан,  иһэргэ муус ылан хаһааналлар. Ити курдук, Бороҕон оскуолатын оҕолоро сыл аайы айылҕа тыйыс усулуобайытыгар сылдьан, айылҕа биэрбит күһүҥҥү быйаҥыттан  күһүн хото туһаналлар.

Ааптар: Елена Потоцкая, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА