Өлүөхүмэ оройуонугар олохтоох булчуттар көмүскэнэр сыалтан ийэ эһэни ыппыттар, кини оҕолорун ыттар туппуттар. Ол туһунан ЯСИА-ҕа улуустааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтин старшай иниспиэктэрэ Владимир Шипицин эттэ.
Кини эппитинэн, икки оҕолоох ийэ эһэ Үҥкүртэн чугас булчуттарга саба түһүүнү оҥорбут. Кыылы, киһи олоҕун быыһыыр сыалтан, ытарга күһэллибиттэр.
«Булчуттар эһэни өлөрөр былааннара суоҕа. Кыыл саба түспүт. Эһэ оҕолорун ытыалаабатахтар, ыттар хайыта тыыппыттар. Булчуттар эһэ оҕолорун кыайан быыһаабатахтар. Быраабылаҕа кэһии суох. Эрдэ бу ийэ эһэ олохтоох киһиэхэ саба түһүүнү оҥоро сыспыта, ааһан иһэр массыына быыһаабыта. Соторутааҕыта оҕоломмут ийэ эһэ дьон олоҕор икки бүк сэрэхтээх, ордук сааскы кэмҥэ», — диэн ЯСИА-ҕа Владимир Шипицин кэпсээтэ.