Саха сиригэр сүөһү, сылгы кыстыгар анаан оту бэлэмнээһин былаана 450 тыһыынчаттан тахса туонна буолар. «Прямой разговор» биэриигэ Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Онон от кээмэйин барытын өрөспүүбүлүкэ иһигэр ылары былаанныыллар.
«Быйыл от үүнүүтэ кэлиҥҥи икки сылтан быдан ордук. Биһиги сүөһү, сылгы аһылыгын оройуоннарга бэлэмниэхтээхпит. Быйыл атын регионнартан оту атыылаһыы былааннаммат», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Оройуоннар салайааччыларын кытары көрсүһүү түмүгүнэн Саха сирин аҕа баһылыга оту бэлэмниир мобильнай биригээдэлэри өйүүргэ сорудахтаата.