Чурапчы улууһугар хоту көһөрүллүү сиэртибэлэригэр анаммыт Кэриэстэбил күнүгэр Болтоҥо нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар уонна көһөрүллүүгэ барбыт биир дойдулаахтарбытыгар анаан пааматынньык туруорулунна.
Болтоҥотооҕу пааматынньык Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархан гранын өйөбүлүнэн тутулунна. Нэһилиэк иһинэн үлэлиир „Утум“ СО НКО (бэрэсэдээтэл С. И. Егорова) бырайыак суруйан, көмүскээн, 492,8 тыһ. солк. ылбыта. Онно олохтоох нэһилиэк дьаһалтата 314,7 тыһ. солк. утары үбүлээтэ.
Ытык миэстэни арыйыыга нэһилиэк олохтоохторо кырдьаҕаһыттан оҕотугар тиийэ муһунна. Аҕа дойдуларын көмүскээбит, хоту көһөрүллүбүт дьону кэриэстээн миитин ыытылынна. Өйдөөн-санаан, чиэстээн биир мүнүүтэ чуумпуран турдулар. Бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар „Вахта памяти“ хамсааһыҥҥа кыттыһан мас олортулар. Оҕолорго эстафета ыытылынна, хоһоон ааҕыыта, оскуолаҕа кылаас чаастара буоллулар. Нэһилиэк дьокутааттара, олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ хоту көһөрүллүүгэ сылдьыбыттарга дьиэлэрригэр сылдьан кэпсэтэн, кыһалҕаларын билистилэр.
Болтоҥо нэһилиэгин 4 колхуоһуттан барыта 435 киһи Кэбээйигэ, Эдьигээн, Булуҥ оройуоннарыгар көһөрүллүүгэ сылдьыбыттара. „Кыым“ колхуостан — 126, „Кыһыл сиэмэ“ колхуостан — 135, „Куйбышев“ колхуостан — 120, „Кыһыл үүнүү“ колхуостан — 54 киһи. Кинилэртэн дойдуларыгар 307 киһи эргиллибитэ. 128 киһи хоргуйан, ыалдьан өлбүтэ. Күн бүгүн кинилэртэн 4 бэтэрээн баар, өй-санаа өттүнэн күүс-көмө буолаллар.
Ааптар: Л. ЕФРЕМОВА, «Саҥа олох» хаһыат, Чурапчы улууһа