15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Илья Березкин: “Ил Дархан Айсен Сергеевич суолталаах ыйааҕы таһаарда”

17:01, 10 декабря 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, 2179 нүөмэрдээх ыйааҕынан от ыйын 1 күнэ, сыл аайы “Бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин” күннэринэн биллэрилиннэ. Саха сирин үрдүнэн 3,5 тыһыынча бойобуой дьаайыы бэтэрээнэ, локальнай конфликттар кыттыылаахтара олорор. Чурапчы улууһугар 38 бойобуой дьайыы бэтэрээнэ баар.

Эрдэттэн даҕаны дойду үрдүнэн от ыйын 1 күнэ Бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин күнүнэн бэлиэтэнэрэ. Ити эрээри ханнык даҕаны докумуоҥҥа олоҕурбатах буолан, улахан суолтаҕа ылыллыбата. Оттон биһиги түмсүүбүт сылын аайы ити күн “Долг.Честь.Мужества” монумеммытыгар бииргэ сулууспалаабыт уолаттарбытын, сорудахха сылдьан суорума суолламмыт табаарыстарбытын ахтан-санаан ааһар бэлиэ күммүт. Түмсүүбүт чилиэттэрэ улууспут, нэһилиэкпит дьаһалталарын, Таатта уонна Чурапчы улууһун байыаннай комиссариатын, улууспут оскуоларын кытары ыччаты патриотическай иитиигэ ыкса үлэлэһэллэр. Үйэтитии боппуруоһугар ылсаммыт, “Куоҕалы” түөлбэ олохтоохторун, салайааччыларын көмөлөрүнэн Чечня сэриитигэр сырдык тыына быстыбыт Роман Ноговицын аатынан уулуссаҕа “Память” сквер оҥоһулунна, Болугур нэһилиэгэр 2000 сыллаахха бойобуой сорудахха сылдьан эдэркээн олоҕо быстыбыт Тимофей Максимов олорбут, улааппыт дьиэтигэр бэлиэ таас ууруллубута. Инникитин даҕаны улууспут, дойдубут иннигэр төһө күүспүт баарынан үлэлииргэ бэлэммит», — диэн бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун олохтооҕо Илья Березкин санаатын эттэ.

Кини бэлиэтээбитинэн, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев ахсынньы 9 күнүгэр Саха сирин бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин санаан, суолталаах ыйааҕы таһаарда. Онон тус бэйэтин уонна Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин аатыттан дириҥник махталын биллэрдэ.

Ааптар: Семен Жендринскай, Чурапчы

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА