21 Сэтинньи 21.11
  • -29°
  • $ 100,22
  • 105,81

"Билим": Үөрэх ыстандаарын ирдэбилинэн оскуолаҕа уус-уран айымньыны үөрэтиигэ учуонайдар санаалара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саҥа көлүөнэ Үөрэх ыстандаарын ирдэбиллэринэн оҕо уус-уран айымньыны ааҕарын күөттүүргэ бэйэтин өйүнэн, толкуйунан тиийэрин хааччыйыллыахтаах. Салгыы ол ылбыт өйдөбүлүн айымньыны ырытарыгар, таба саҥарарыгар, суруйарыгар а.э. айымньылаах олоҕор толору туһанар. Маны иҥэриммит оҕо сатабыла сайдыбыт диэхпитин сөп. Ол үлэ түмүгэр эбэтэр үлэ хаамыытыгар көстөр диэн этэбит. Бу туһунан салгыы «Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар ааҕыҥ.

Ааптар: Захарова Галина Алексеевна, бэдэгиэгикэ билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана, Заровняева Грита Григорьевна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн устудьуона

Күлүүс тыллар: үөрэх, литэрэтиирэ, сатабыл, оҕо, уйулҕа, мэтиэдьикэ, суруйааччы.

Саҥа көлүөнэ Үөрэх Ыстандаара (ҮөС) 2010 сылтан киирэн билигин ол ирдэбиллэринэн учууталлар үлэлииллэр, устудьуон үөрэҕин ол иитинэн салайан үөрэтэбит. Ыстандаар ирдэбиллэрэ олох саҥа буолбатахтарын учуонайдар, мэтэдьиистэр этэллэр. Холобура, 1997 с. тахсыбыт «Литература уруога – айар үлэ» диэн Е.М. Поликарпова үлэтэ бу халыыпка сүрдээх үчүгэйдик эппиэттиир. «Хас биирдии киһи айылҕаттан бэриллиитэ уратытын бары билэбит эрээри, үөрэтии, иитии эйгэтигэр ол туһунан тоҕо эрэ ончу умнабыт, оҕону барытын биир халыыбынан мээрэйдиибит. Ол омсото – биһиги олохпут дьонун-сэргэтин өйүн-санаатын, майгытын-сигилитин туругар ырылхайдык көстөр» [2, с. 4] диэн эппитэ, дьэ, болҕомто иитигэр киирэн бу хайысханан айымньылаахтык үлэлиир учууталлар сүрдээҕин сэргииллэр, үлэлэригэр туһаналлар.

Ол курдук бу саҥа көлүөнэ ҮөС методологиятын төрүтүнэн А.Г. Асмолов ааҕааччы, учуутал, уус-уран айымньы биир быаҕа баайыллан айымньы этэр, иитэр, үөрэтэр ис хоһоонугар улахан суолта бэриллиэхтээх диэн суруйар. Киһи олоҕо – дьылҕа бэлэҕэ. Олох барахсан өрө-таҥнары дьалкытан киһини өрүү тургутан көрөр айылгылаах. Уруккуга аны төннүбэппит диир. Киһи дуу, кии дуу буолар олохпут күнтэн күн саҥа ирдэбиллэри, саҥа сыһыаны, саҥа хамсаныылары, саҥа эппиэти балысханнык ирдиирин бэлиэтиир. Уларыйыы биһигиттэн тутулуга суох урутаан иһэр. Бүгүҥҥү оскуола оҕото бэйэтин сайдыылаахпын, элбэҕи билэбин, аан дойдуну куйаар ситиминэн билэ-көрө олоробун диир. Туох эмит кыһалҕа үөскээтэ да тута биир кнопканы баттаан хоруй ыла охсор. Ол хоруй үксэ туохха да олоҕурбат, дьиҥ чахчыны көрдөрбөт, дойҕох-куолу аҥаардаах буоларын бары билэбит. Ол эрээри улаатан эрэр оҕо айылҕатын киэбинэн барытын ылынар, итэҕэйэр, эрэнэр сааһыгар бэринэн уһуну-киэҥи анаарбакка бэйэтигэр субу түгэҥҥэ сөп буолуохтаах диэн санааны тумус туттан сыыһара, алҕаһыыра, түктэри суолга үктэнэрэ бүгүҥҥү олохпут мөкү көстүүтэ буолла. Ол түмүгэр быстах санааҕа былдьатыы, өйү-санааны иирдэр араас «көмөлөһөөччүлэргэ» ылларыы, атааннаһыы, бэйэ-бэйэни сиэһии, үпкэ-харчыга туох да хааччаҕа суох баҕарыы, дьиэ кэргэҥҥэ иирсии, өйдөспөт буолуу, тапталы атынынан солбуйуу…

Арассыыйаҕа биллэр педагог М.М. Поташник 2014 с. тахсыбыт «Как помочь учителю в освоении ФГОС» диэн үлэтин дьаныардаахтык үлэлиир оскуола учууталлара олус сэргээн үлэлэригэр туһаналларын туһунан кэмпириэнсийэлэргэ, төгүрүк остуолларга, көрсүһүүлэргэ өрүү ахталлар, үрдүктүк сыаналыыллар. Бу үлэҕэ олоҕуран саха литэрэтиирэтин уруогар киһи болҕомтоҕо ылар өрүттэрэ манныктар:

  1. Учуутал үөрэтэригэр оҕо уратытын өйдөөн, эрдэттэн билэн туран уруогун былаанын оҥостуохтаах. Болҕомто – хас биирдии оҕоҕо. Оҕо киһилии киэптээх-сүрүннээх буоларыгар көмөлөһөр сыаллаах эбэтэр кини саҥа таһымҥа тахсарыгар, а.э кыайбатаҕын кыайар, сатаабатаҕын сатыыр, кэмигэр итэҕэстэрин көннөрүнэригэр туһуламмыт буолуохтаах. Хас биирдии уруок.
  2. Учуутал уруогар оҕо тус олоҕун уопутугар олоҕурбут уонна салгыы сайдарыгар тобулук толкуйу, дьоҕуру, урамньыны, иэйии уһуктуутун сайыннарар эйгэни тэрийэрэ кэрэхсэбиллээх. Оҕо бэйэтин кыаҕын, талаанын, санаата туохха ордук сытарын арынарыгар учуутал көмөлөһүөхтээх. Көмө диэн барытын дьаарыстаан биэрии буолбатах. Учуутал көмөтө диэн оҕо бэйэтин арынар суолун ыйан-кэрдэн, сааһылаан, сөптөөх түмүккэ кэлэрин ситиһэ сатыахтаах. Уус-уран айымньыны ааҕа, ырыта олорон былыр да, билигин бүппэт олох мөккүөрдээх, уустук өрүттэрин оҕо айымньы нөҥүө көрөр, бэйэтэ суруйааччы, айымньы дьоруойа буолан кинилэрдиин бииргэ олорор, үөрэр, хомойор, ыйытар, хоруйдуур эрэ таһымҥа таҕыстаҕына биһиги ааҕыы култууратын иҥэрдибит диир кыахтаахпыт. «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» диэн норуот остуоруйатыгар Хаардьыт Бэргэн төгүрүччү буруйдаах диэн оҕолор сыана быһаллар. Салгыы кэпсэтиини маннык иигэ ыыттахха дьоһуннаах түмүккэ кэлиэхтэрэ. Бэһис кылаас оҕолоро этэллэринэн күтүөт уол маннык итэҕэстэрдээх эбит: тииҥи сыыһа ытыалыыр. Оҕолорго тиэкис тылыгар чугаһатан кэпсэтиннэриэххэ. Тииҥи сыыһа ытыахха сөп дуо? Сөп бөҕө буоллаҕа, ырааҕа бэрт, омуннаах, ыксаллаах киһи сыыһара баар суол. Хас биирдиибит оннукка түбэһиэн сөп. Хаардьыт Бэргэн «муннун хаана бурулаабыт, имин хаана ииримтийбит, сүүһүн хаана сүүрүктээбит, ойоҕос өттүттэн уордаах санаата киирбит, кэтэх өттүттэн киһиргэс санаата киирбит» [3, с. 21 ]. Дьулаан быһыы-майгы буолбут. Маннык кыыһырбыт киһи туох сыыһаны оҥоруон сөбүй? Оҕолорго бэйэлэригэр иэҕиэххэ. Эһиги кыыһырдаххатына хайдах буолаҕыт? Ол кэнниттэн кэмсинэҕит дуу, кыыһыран тугу ситиһиэххэ сөбүй уо.д.а. итинник кэриҥнээх ыйытыылары биэрэн оҕолор кыыһырымтаҕай, киҥнээх киһи дьону хомотортон атыны билбэт, ол онтон бэйэтин олоҕо тупсубатын туһунан кэпсэтии таһааран толкуйдатыахха. Кэргэн буолуохтаах кыыһын быраҕан барар, ол түгэни тиэкистэн булан уруһуйдатыахха. Уруһуйдатыах иннинэ оҕо дууһатын бары кылын таарыйар сыалтан бастаан тыа иһигэр соҕотох хаалар дьулаан түгэни бэйэлэрэ кэпсээтиннэр – хараҥа, куттал, санаа түһүүтэ, барар-кэлэр сир бүөлэниитэ. Оҕолор хаһан да маннык турукка киирбэттэрин туһугар тугу гыныахтаахтарый? Кийиит кыыс холобуругар бэйэлэрин холонон көрдүннэр. Оттомноох, эппиэтинэстээх, харыстаан сэрэтэр тылы истиэхтээхтэрин учуутал өссө биирдэ санатар. Аны туран, Хаардьыт Бэргэн дьиэҕэ киирэн, уҥан тэйтэс гынан хаалар. Тоҕо уҥмутун ийэтигэр, аҕатыгар тиийэн кэпсиириттэн оҕолорго тиэкистэн булларыахха. Кини эрэ уҥмат, кыыһы кийиит оҥостоору кэлбит тоҕус аттаах дьон эмиэ уҥаллар. Быһаарарга холонон көрдүннэр. Манна кыыс тас дьүһүнүттэн итинник майгыламмыттара буолбакка, учуутал оҕолор болҕомтолорун Кэрэ, Сырдык, Ыраас, Үйэ саас тухары диэн философскай өйдөбүллэр дьон өйүн-санаатын өрүү ырааһырдар, инникигэ эрэли күүһүрдэр, уҕараабат улуу таптал туохха да тэҥнэммэтин оҕолор өйдүүллэрин курдук быһаарара бу остуоруйаны дириҥник хорутан ылыналларыгар көмө буолуо этэ. Түмүккэ, Хаардьыт Бэргэн сааһырдаҕына, ыал буолан, кэргэнин, оҕолорун тустарыгар кыһаллан, кинилэри таптаан, бэйэтин итэҕэстэриттэн босхолоноругар итэҕэйиэххэ сөп дуо? Сөп эбит, ону бигэргэтэр тыллары тиэкистэн булларыахха. Кини булчут, сааһыт. Ыал буоларга баҕалаах. Сөбүлэҥин биэрэн, сүүрүктээх ууга, көй салгыҥҥа оҕустарар. Уҥуохтаах тириитэ хаалыар диэри. Онон кини улусхан, омун, бардам майгыта сүтүө диэн эрэнэбит дуо? Эрэнэбит, тоҕо диэтэххэ ыал аҕата буолбут, элбэх оҕону төрөппүттэр, сылгы-ынах бөҕө ииппиттэр. Эйэлээх, байылыат олохтоох саха ыалын сүнньэ (модель) ити тахсан кэллэҕэ. Уустук, ол эрээри кэскиллээх үлэ чэпчэки буолбат, элбэх сыраттан тахсар.
  3. Уус-уран айымньы нөҥүө ытык өйдөбүллэри иҥэрии. Саҥа көлүөнэ ҮөС саҥалыы көрүүлээх, дидактика сүрүн бириинсиптэригэр, научнай чинчийиилэргэ олоҕурар. Ааҕыыга туһулуур, үөрэтии ньымаларын, албастарын сыымайдаан, чопчулаан биэрэр үгүс методическай матырыйаалга учуутал тирэҕирэр буолла. Айымньы уус-уран тылга, сиэргэ-туомҥа, үлэҕэ тирэҕирэн сайдарын быһыытынан ытык өйдөбүллэри – патриот, гражданин, төрөөбүт тылын билэр, харыстыыр, кырдьаҕастарга үтүө сыһыан, ытыктабыл, тулалаан турар эйгэҕэ бэйэҥ дьиэҕэр сылдьарын курдук сананыы уонна да атын үйэлээх өйдөбүллэри оҕо кыра сааһыттан уус-уран айымньыттан ааҕа, билэ улаатарын учуутал өйдүүр. Онон, ити ааттаммыт киһитийии өрүттэрэ литэрэтиирэбитигэр баар буолан киһи буолан иитиллэн тахсалларыгар тирэх буолара саарбаҕа суох.
  4. Саҥаны билбити олоххо туһанарга туһуламмыт айымньылаах, айар хабааннах ыйытыылары, сорудахтары толкуйдааһын. «Мин курдук оҥор» диэн халыыпка киллэрбэккэ, билбити туох да уларытыыта суох хаттаан хатылаппакка, оҕону айымньы этэр эйгэтиттэн саҕалаан саҥа быһыыга-майгыга (ситуацияҕа) киллэриэххэ. Оҕо өйө-санаата бүттүүн ол эйгэҕэ киирбит буоллаҕына саҥардын, мөккүстүн, турууластын, дакаастаатын. Баҕар сыыһыа, алҕаһыа, сыыспытын тута көннөрүө, сааһыланыа. Дьону истэ үөрэнэр, кэпсэтии култууратын баһылыыр, дьон иннигэр саҥарар дьоҕуру сайыннарар. Барыта туһалаах, эргиччи наадалаах.
  5. Оҕо бэйэтин иитинэригэр, сайыннарарыгар учуутал бастыҥ холобур буоларга дьулуһуохтаах. Учуутал өрүү оҕолорун кытта тэҥҥэ сайдыахтааҕа олохпут ирдэбилэ буолла. Биллэн туран, улахан киһи билбитэ-көрбүтэ, аахпыта оҕоҕо тэҥнэммэт. Ол эрээри олохпутун күөнтээн иһэр саҥа кирбиилэр, технологиялар учуутал саҥа таһымҥа тахсарын ирдииллэр. Билигин цифровизация үйэтэ кэллэ. Учуутал, ордук тыл, литэрэтиирэ, култуура учуутала, хайдах гынан тыыннаах алтыһыыны, тыыннаах кэпсэтиини (живое слово) тутан хааларын туһунан толкуйдуур кэмэ кэллэ. Саҥа айыллыбыт, ол эрээри олохтоохтук киирэн эрэр үөрэх платформалара, чуолаан литэрэтиирэ уруога оҕо өйө чочуллуутугар, толкуйдуу үөрэнэригэр, уйулҕата сырдыкка, айыы суолугар тардыстыылаах буолуутугар, айар дьоҕура олоҕуруутугар, тыла-өһө тобуллуутугар көмөлөһөр тыыннаах дьайыытын хаалларар туһун бүгүн толкуйдуохтаахпыт. Бастакы ситиһиилэр бааллар. Саха тылын, литэрэтиирэтин учебниктара элэктириэн барыйааннара бэчээттэнэн оҕо хоһоон, ырыа иэйиитин эт кулгааҕынан истэн, уруһуй араас өҥүн хараҕынан ылынан, бу баардыы суруйааччылар олохторуттан эргэрбит хаартыскалары, араас видеолары, киинэлэри, тыйаатыр туруорууларын, мультиктары учуутал көмөтүнэн илэ көрө олорон ылынар кыаҕы биэрэллэр.

Литэрэтиирэ

  1. Асмолов Г.В. Психология личности. – М., 1990. – 368 с.
  2. Поликарпова Е.М. Литература уруога – айар үлэ. – Дьокуускай, 1997. – 87 с.
  3. Поликарпова Е.М., Филиппова Н.И., Флегонтова У.М. Төрөөбүт литература. 5 кылаас, 1 чааһа. – Дьокуускай, 2020. – 144 с.
  4. Поташник М.М., Левит М. В. Как помочь учителю в освоении ФГОС. Пособие для учителей, руководителей школ и органов образования. – М., 2014. – 380 с.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА