21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

"Билим": Гаврил Филиппов тыл бэлиитикэтигэр үлэлэриттэн бэлиэтээһиннэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар Гаврил Гаврильевич Филиппов төрөөбүт сахатын тылын туһугар туруулаһар дьүккүөннээх үлэтэ сырдатыллар. Ааптар тыл учуонайа «Саха тылын дьылҕата: бэҕэһээ, бүгүн, сарсын» кинигэтигэр киирбит ыстатыйалары чинчийэр.

Ааптар: Алексеев Иван Егорович, тыл билимин дуоктара, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн бэрэпиэссэрэ

Күлүүс тыллар: норуот дьылҕата, тыл дьылҕата, тыл бэлиитикэтэ, саха тыла, нация.

Тыл норуоту тыынныыр күүһүн, биллэрин курдук, билим туругуттан өйдөнүллэр. Билим чахчыларыгар тирэҕирэн, тыл күүһүн эрэ буолбакка, өссө сайдар саҕахтарын, онно омук тус бэйэтин тылга сыһыана хайдаҕын ундаардыыр кыах үөскүүр кыахтаах.

Саха тылын үөрэхтээхтэриттэн ити уустук суолу – төрөөбүт тылга сыһыаны – көнөтүнэн, кырдьыктаахтык этэр тумус киһинэн бэрэпиэссэр Г.Г. Филиппов буолар. Биллэн турар, кинини инники күөҥҥэ тутар кини айбыт-туппут, суруйбут-бичийбит уонна туруулаһан туран көмүскэһэр дьайыыларыгар тирэҕирэрэ буолар. Кини тыл дьылҕата норуот дьылҕатыныын быстыспат сибээһин чинчийбит үлэлэригэр тус санаатын аһаҕастык туруорсарын, ол туһугар бэриниилээҕин сэргэ, бэйэтин холобурунан көрдөрбүт үтүө дьаһаллара, ситиһиилэрэ – хаапыдыраттан, бакылтыат, үнүстүүт – олохтоохтук тэриллибиттэрэ буолаллар. Итиннэ барытыгар төрөөбүт тыл дьылҕата таарыллар.

Тыл бэлиитикэтигэр аналлаах Г.Г. Филиппов суруйбут үлэтэ – ыстатыйалара, дакылааттара, хомуурунньуктара – элбэх. Олору барытын сирийэн көрөр уустук. Ол иһин сүрүн үлэлэриттэн биирдэстэрэ «Саха тылын дьылҕата: бэҕэһээ, бүгүн, сарсын» [1] кинигэтигэр киирбит ыстатыйаларга тыл, чуолаан саха тылын туругун, анаан-минээн чинчийиитигэр болҕойуллар.

Кинигэҕэ үс түһүмэҕинэн тылы үөрэтии эрэ буолбакка, төрөөбүт тылынан үөрэтии уустук суола-ииһэ дириҥник ырытыллар. Ааптар туруорар сүрүн соруктара  саха олоҕун эйгэтигэр 100 сыл (бүтүн үйэ) тухары саха тыла төрөөбүт тыл быһыытынан ыстаатыһа хайдах олохсуйан испитин, онно буолан ааспыт мөккүөрү, сөптөөх суолу тобулууга сонун хардыылары, туорайдаспыт омсолоох түгэннэри хайдах баарынан сиһилээбитэ – дьиҥнээх, булгуруйбат дьулуурдаах ботуруйуот өйүн-санаатын туоһута буолар.

Гаврил Гаврильевич төрөөбүт тыл толору киэбэ төһөтүн-хаччатын, ол сүдү баай буоларын туһунан эркээйи анньыбыт сүүнэ дьоммут С.А. Ноҕуруодап, Өксөкүлээх Өлөксөй, Ойуунускай, Алтан Сарын нэһилиэстибэлэригэр сүгүрүйэр төрүөттэрин ыйарыгар кинилэр тускуллаах санаалара билиҥҥи кэмҥэ тиийэ суолталааҕын, онтон тирэхтэнэн, чуолаан тыл бэлиитикэтигэр тутуһуллуохтаах этиилэрин тумус туттан, киһи уонна тыл быраабын туруулаһар суолларга тохтуур. Дьиҥ иһигэр ити быраап сокуонунан куоһанан хас биирдии саха киһитэ үөрэҕинэн сайдар туруга төрөөбүт тылын өрө тутар өйүттэн-санаатыттан тутулуктааҕын лаппыйан бэлиэтиир [1, c. 32-34]. ХХ үйэ ортотугар тиийэ киһи бырааба күөмчүлэнэ сылдьыбыт да түгэннэригэр П.А. Ойуунускай, Алтан Сарын сайдыы муоһатын омук бэйэтэ туппат түгэнигэр, сайдар-үүнэр тускута олох кыаллыбат [1, c. 24], атын омук тылын киэбигэр баһыйтарбыт төрөөбүт тыл буомурар [1, c. 35] көстүүлэрин Г.Г. Филиппов таба сыаналаабыта. Онон ити кэмҥэ төһө эмэ олохсуйан испит сурук-бичик, литэрэтиирэ тылын дириҥник ырытар билим сайда илигинэ, былаас табыгастаах бэлиитикэни чопчулуур кыаҕа суох кэмигэр, биллэн турар, төрөөбүт тылы өрө тутар өй-санаа киирэ илигэ көстөн турар чахчы этэ.

Г.Г. Филиппов саха суруктанан баран, ол сөптөөх оҥкулун көрдүүр үлэни, элбэх мөккүөрү ааспытын ырытарыгар тус санаатын, сөптөөҕө буолаарай диэн, билиҥҥи кэм күндэлэригэр, ойуунускайдарыгар, эллэйдэригэр туһаайан, тыл-өс көнө суолунан сайдарыгар өрүү мэһэйдэр үөскүү тураллар. Ону арҕам-тарҕам сылдьарбыт, сомоҕолоһуута суохпут үөскэтэр. Сайдыы оннугар хотторуу хатылана турарын В. Шекспир «биһиги артыыс оруолун толоробут дуо?» диэбитин санатар [1, c. 38]. Кинигэ иккис түһүмэҕэр саха тылын сайдыытын тыын боппуруостарын ырытарыгар Гаврил Гаврильевич, туох ханнык иннинэ, «омук буолуу төрдө – тылга» диэн өйдөбүлү ахсарбат буолуу түрүөттэрин быһааран туран, «национальнай идея» кыайан чочуллубакка судаарыстыба таһымыгар туһаныллыбакка кэлбитин быһаарар [1, c. 41]. Дьиҥэр, «төрөөбүт тыл … омук чөл олоҕун, көҥүллүк сананыытын түстүүр эйгэ» буоларынан иитиллэр эйгэ, айымньылаах өй төрдө ийэ тылы баһылыыртан, онтон сиэттэрэн сахалыы сайдар тускул олохсуйарын өссө 2001 с. эппитэ [1, c. 42].

Дьэ ону баара, саха тылын норуоттан тэйитэр суоллар, хомойуох иһин, үөскүү туралларын Г.Г. Филиппов долгуйа-аймана бэлиэтиир [1, c. 45].

Бастакыта, устуоруйа булгуруйбат чахчыта – улахан омук дьайыытынан кыра омук тыла, култуурата, тиһэҕэр бүтүннүүтэ суураллан мэлийиитэ. Ити идиэлиэгийэ быһыытынан олохсуйуута дириҥ түгэхтээх көстүү. Гаврил Гаврильевич этэринэн сурук, кыраапыка, саҥарыы киэбэ, тиэрмин, истиил, тыл култуурата түстэниитэ нуучча тылын үөрүйэҕинэн оҥоһуллуута күһэллэн (бэйэ суругун, саҥатын устуоруйата суоҕар тэптэрэн – ИА), олохсуйан, омук тус уратытын үрэйбитэ көстөн турар чахчы [1, c. 46-47].

Иккиһинэн, үөрэх тэрээһинэ (сахалыы тыллаах үөрэҕи атарахсытыы, саха оҕотун сахалыы-нууччалыы, нууччалыы) оҕону, ыччаты саха (төрөөбүт) тылыттан тэйитэр аналы туппут [1, c. 47].

Үсүһүнэн, саха тыла туттуллар эйгэтин кыарааһына омугумсуйууга күтүрүүр уонна сэбиэскэй норуот биир тылланыытын «түөрүйэтэ» төрөөбүт тылы көйгөтүтүүгэ тиэрдибитэ араас ньымалаах буолан иһэр [1, c. 48].

Төрдүһүнэн, маассабай култуура тэнийиитэ эмиэ бэйэ тылын, култууратын ахсарбат буолууга тиэрдэр уонна онтон көмүскэнэр, өрүттэр кэккэ суоллары Гаврил Гаврильевич бэлиэтиир. Олортон сүрүннэрэ сомоҕолоһуу, ахсаан өттүнэн өнүйүү, өй-санаа туруулаһар суолун тобулуу, чуолаан тылга сыһыаннаах дьайыылаах сокуоннары билэн, өйдөөн туһаныы инники күөҥҥэ тутуллуохтаах [1, c. 48-49].

Г.Г. Филиппов омук быһыытынан сайдар дьулуур бүттүүммүтүгэр үөскээтэҕинэ эрэ саха тыла сайдар кэскилин торумнуохха сөбүн этэр  уонна онно сыһыаннаах тыын боппуоруостары ыйар. Олортон сүрүннэрэ:

Бастакытынан, АБ төрүт сокуонунан араҥаччыланар омук уонна кини тыла күөмчүлэммэт сокуоннарын ылынан, олоххо киллэрэн, сайдыы дьэҥкэ суолугар туруоруу. СӨ «Тыллар тустарынан» хас биирдии пууна дьэҥкэ ирдэбиллэри туруоруохтаах уонна салалта, үөрэх, бэчээт, билим тэрилтэлэрэ булгуччу толорор, олоххо киллэрэр суолларын тобулуу. Бу ылла-ылбычча  олоххо киирбэт уустук сокуону кимиилээхтик үлэлээн эрэ ситиһиэххэ сөбүн Гаврил Гаврильевич сэрэтэр уонна тыл кэскилин өйдүүр, быһаарар идэлээх дьон араҥата баар буолуохтаахтарын лаппыйан этэр [1, c. 50].

Иккиһинэн, сахалыы үөрэх тэрилтэлэрин үлэлиир бырагыраамаларын чэрчитигэр саха тылыгар судаарыстыбаннай туругун хайысхалара халбаҥнаабат суоллара киириэхтээхтэр [1, c. 51] уонна саха тыла саха омугун сайдыытын күлүүһүн курдук сыаналаныахтаах [1, c. 52]. Ону ситиһэргэ туох-ханнык иннинэ сахалыы сурук, кыраапыка саҥалыы көрүгүн ылынар булгуччулаах. Ол аата саха тылын ийэ дорҕооннорун тиһигин тутуһар алпаабыты ылыннахха эрэ, тыл чөлүн хат олоҕурдар суол тобуллуон сөп диэн Г.Г. Филиппов этиитин норуот ботуруйуотун хорсун быһыытын курдук сыаналыахха сөп. Кини тылынан тыыннаах буолуу чыпчаал таһыма ийэ дорҕоон үрэллибэт ситимэ түмүллүбүт алпаабытыгар көстөрүн ылыннарыылаахтык дакаастыыр. [1, c. 53]. Сахалыы алпаабыт, эмиэ атын сайдыылаах тылларга курдук, тыл тус эстиэтикэтин араҥаччылыыр аналлаах. Онтон сиэттэрэн, Гаврил Гаврильевич туруорсар ийэ тыл чэчириир кэмэ үүнүөҕэ, төрөппүт, оскуола таһымыттан саҕалаан, олох бары түһүмэхтэригэр сахалыы өй-санаа чөл буолуута туругуруоҕа.

Г.Г. Филиппов Тыл бэлиитикэтигэр киллэрбит кылаата улаханын өссө уус-уран литэрэтиирэ тыла чиргэл буолуутугар эмиэ көрөбүт. Саха тылын төрүт сокуоннара бигэтийэн, тыл туттуллар үөрүйэхтэрэ, үгэстэрэ чочуллан литэрэтиирэ таһымнаах тылы үөскэтэр аналын хайа баҕарар көлүөнэ дьон өйдүөхтээх. Итинтэн сиэттэрэн, уопсайынан сахалыы үөрэх чэчириир суола тобуллуохтаах. Омук бүттүүнэ турунан, өбүгэлэрбит биһиэхэ хаалларбыт сүдү нэһилиэстибэлэрин – тылы, үгэстэри, төрүт култуураны –өссө чөллүтэн иһиэхтээх суолларбытын ыйар Г.Г. Филиппов суруйуулара, этиилэрэ, туруорсуулара – бары туһаҕа турар аналлаахтар.

Литэрэтиирэ 

  1. Филиппов Г.Г. Саха тылын дьылҕата бэҕэһээ, бүгүн, сарсын. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 110 с.

Хаартыска интернеттэн.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА