Итинник санаалаах дьылдьыт Андрей Варламов. Аҕыс ый кыһыннаах дойду дьонугар маҥнайгы көҕөн кэлэрэ күүтүүлээх даҕаны түгэн буоллаҕа. Ол гынан баран, билигин сокуон-бэрээдэк кытааппыт кэмигэр төрүү-ууһуу кэлбит барахсаттары саа уоһунан көрсүбэккэ, хараххын сымнатан көрөрүҥ да күндү ээ.
Киин, илин эҥээрдээҕи уонна Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарга Кыайыы күнүн кэнниттэн эрэ кус булда көҥүллэнэр. Оттон Андрей Алексеевич чинчилииринэн, маҥнайгы көҕөн быйыл саас муус устар ый бүтүүтэ биллиэҕэ. Быйыл сааспыт эрдэлээн, ыам ыйын хара сиргэ көрсүөхпүт. Уу-хаар кэмчи буолуоҕа. Ити, чуолаан, алаас сирдээх-уоттаах түөлбэлэргэ сыһыаннаах. “Маннык дьылга алаастар көлүйэлэригэр, күөллэр атахтарыгар эрдэттэн күл ыһан уу таһаарыммыттар эрэ балачча бултуйуохтара”, — диир Андрей Алексеевич.
Быйыл кыһын улаханнык тымныйан уонна тымныы уһуннук туран, кыра күөллэр бүтэйдии тоҥмут буолуохтарын сөп. Онон букатын хойутаан суллуохтара. Дьылдьыт сабаҕалыырынан, анды түһэр улахан эбэлэрэ ыам ыйын бүтүүтүгэр, бэс ыйын саҥатыгар биирдэ сайыахтара. Инньэ гынан, анды бастакы кэлбит түһүмэҕэ үөһэнэн ааһыаҕа, кэлиҥҥилэр түһэн ыттарыахтара диэн эрэнэр дьылдьыт.
Уу суоҕар кус-хаас үрэхтэри-өрүстэри батан айанныыр үгэстээх. Быйыл саас, муус халыҥ буолан, сорох сиринэн харыы элбэхтик тахсара күүтүллэр. Маннык сиргэ уу балысханнык мустар. Кытылга халыйан тахсыбыт ууга, талах быыһыгар, кус сөбүлээн түһэр. Аһара халааннаатаҕына, баар куһу бултаһарга даҕаны ыарахан буолааччы.
Дьылдьыт Андрей Варламов: “Сирбит силимнэһэ тоҥон, сааскы ириэһин уута сиргэ иҥпэккэ, сыккыстаан сүүрдэн, үрүйэ-үрэх өрүс буолан дьалкыйыа. Онон үрэххэ, өрүскэ бултуур дьон, уруккунан охсон, ууга быстарыахтарын-былдьатыахтарын сөп”, — диэн сэрэтэр. Үчүгэйэ диэн, быйыл саас кус булдун саҕана ааспыт сыллардааҕар сылаас буолара күүтүллэр. Кэлэр нэдиэлэҕэ туллук үөрэ биллиэҕэ. “Кусчуттар ону кэтээн көрдүннэр. Туллук суолун кус хайаан даҕаны батыһар. Үөрэ хойуу буоллаҕына, куһу амсайыахтара”, — диэн сүбэлиир Андрей Алексеевич.
(“Саха сирэ” хаһыат сарсыҥҥы, кулун тутар 14 күнүнээҕи, таһаарыытын хайаан даҕаны булан ааҕыҥ, онно дьылдьыт билгэтин кытта сиһилии билсиэххит).