«Биир ньыгыл Россия» партия бэс ыйын 26 күнүттэн саҕаламмыт бүтүн Россиятааҕы XV съеһигэр делегаттар быыбар бырагырааматыгар киирбит хайысхаларынан улахан кэпсэтиилэри ыыттылар. Оттон бүгүн быыбарга кыттыахтаах кандидаттар испииһэктэрин чопчулуохтара, партия быыбарга кыттар бырагырааматын ылыныахтара.
Съезд биир уратытынан быйыл ыам ыйыгар ыытыллыбыт праймериз түмүгүнэн кыайбыт кандидаттар делегаттары кытары тэҥҥэ тэрээһиннэргэ кыттыбыттара буолар. Партия пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, барыллаан куоластааһыҥҥа барыта 2781 кандидат кыттыбыт. Онон Саха сириттэн праймериз кыайыылаахтара Галина Данчикова, Юрий Куприянов, Чокуур Гаврильев, Сахамин Афанасьев съезкэ ыҥырыылаах ыалдьыт буолан сырыттылар.
Бастакы күн хас да былаhаакканан ыытыллыбыт партия аны күhүҥҥү быыбарга оҥорбут бырагырааматын дьүүллэһиигэ Саха сирин делегацията «Култуурунай лидерство» диэн секцияҕа үлэлээтэ. Секцияны «Култуура» хаhыат кылаабынай редактора Елена Ямпольская, М.А.Шолохов музейын директора Александр Шолохов, Пятницкай хорун художественнай салайааччыта Александра Пермякова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Тыа кулууптарын, библиотекаларын, самодеятельноhы сайыннарыыга судаарыстыба өйөбүл туhунан санаа атастастылар. Сорохтор киин телеханааллары, култуураны үчүгэйдик сырдаппаттар диэн кириитикэлээтилэр.
«Саха сирэ» хаhыат кылаабынай редактора Чокуур Гаврильев төhө да идеология бобуллубутун иhин, патриотизм, дьиэ кэргэн сыаннастарга уонна интернационализм тыыныгар иитии информационной политика уонна култуура сүрүн тосхоллоро буолуохтааҕын ыйда. Түгэнинэн туhанан, «Саха» НКИХ курдук региональнай ханааллары босхо тарҕанар цифровай эйгэҕэ киириэхтээхтэрин туhунан этиитин буолуохтаах ГосДума депутаттарыгар туhаайда. Онтон Мирнэйтэн сылдьар делегат Борис Кулагин олохтоох музейдарга (Сунтаар улууhугар баар Элгээйи уонна Тойбохой музейдара) өйөбүл туhунан эттэ-тыынна. Ити этиилэрин барытын «Култуура туhунан» сокуон барылыгар учуоттуохтара.
Оттон бүгүн съезд иккис аҥарыгар Госдума быыбарыгар кыттыахтаах кандидаттар испииһэктэрин бигэргэтиэхтэрэ, партия бырагырааматын ылыныахтара, ону сэргэ регионнары бөлөхтөргө араарыахтара.
Санатан эттэххэ, быйыл балаҕан ыйын 18 күнүгэр ГосДума депутаттарын сэттис төгүлүн талыахпыт. Барыта 450 депутат талыллыаҕа, ол иһигэр 225 биир мандаатынан.