Уһук Илиҥҥи федеральнайдааҕы уокурук 100 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо 2019 сылтан саҕалаан хаарбах дьиэттэн саҥа кыбартыыраларга көстө. Элбэх иэни Саха сирэ оҥордо. Манна 742,3 тыһ кв м көһөрүлүннэ, 40,5 тыһ киһи олорор усулуобуйата тупсарылынна. Ол туһунан территориялары сайыннарыы пуондата суруйда.
«Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата Россия федеральнай уокуруктарыгар барытыгар үлэлиир.
«Хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ саамай элбэх иэни Саха сирэ оҥордо. Россия уопсай көрдөрүүтүттэн 10% ылар», – диэтэ пуонда генеральнай дириэктэрэ Ильшат Шагиахметов.
Тутуу министиэристибэтин дааннайынан, региоҥҥа 2019 сылтан 244 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулунна, уопсай иэнэ 390 тыһ кв м. Быйыл 93 дьиэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар, манна 152 тыһ кв м иэҥҥэ хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөөччүлэр ылаллар.