Сүөһүлэр кыстык хотоннорун буллулар. Ити эрээри сорох ыал ынаҕа-сылгыта дьиэтин таһыгар кэлбэт кыһалҕата баар.
Тыа дьонугар социальнай ситим нөҥүө «бу сүөһү кимиэнэй, мин сүөһүбүн ким көрдө» диэн араас кэпсэтии барар. Батсаапка «Сүтүктээхтэр бөлөхтөрө» арыллар.
Игидэй нэһилиэгин ветеринарнай учаастагын сэбиэдиссэйэ Лена Маркова сүөһү сүтүктээхтэргэ маннык сүбэ биэрэр:
— Ветеринарнай учаастакка нэһилиэк ынаҕын-сүөһүтүн чииптээһин сурунаала баар. Бу сурунаалга хас биирдии ыал ынаҕын нүөмэрэ тиһиллэ сытар. Элбэх киһи сүөһүлэрин чиибин нүөмэринэн сүөһүлэрин булаллар.
Онон, сүтүктээх хаһаайын олохтоох ветеринарнай учаастагар кэлэн сканер ылан, «чиип» нүөмэринэн сүөһүгүтүн чопчу буларга туһаныҥ.