22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бэс ыйын 6 күнэ. Нуучча тылын күнэ ХНТ уонна Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр - Бикипиэдьийэ

09:01, 06 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 6 күнэ, Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, ХНТ: Нуучча тылын күнэ. ХНТ быһаарыытынан 2010 сыллаахтан А.С. Пушкин төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. Маны тэҥэ бу таһымҥа араас күннэргэ (үксүн улуу суруйааччылар төрөөбүт күннэригэр) ХНТ атын 5 тылын күнэ бэлиэтэнэр. Арассыыйа: Нуучча тылын күнэ. 2011 сыллаахтан Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан бэлиэтэнэр.


Түбэлтэлэр:

🔹1664 — Англия уонна Голландия ыккардыларыгар сэрии саҕаламмыт.

🔹1815 — Ватерлоо таһыгар сэрии (Наполеон Бонапарт бүтэһиктээх кыайтарыыта).

🔹1940 — Өлүөнэ өрүс пароходствотын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Семен Иванов (1900-1942) экэнэмиис уонна инженер-гидролог үөрэхтээх, Марха улууһутуттан (билигин Ньурба) төрүттээх киһи ССРС НКВД-тын оһуобай отделын быһаарыытынан 5 сылга хаайыыга ууруллар. Лааҕырга өлбүтэ.

🔹1944 — Нормандия кытылыгар (хотугу Франция) АХШ уонна Улуу Британия сэриилэрэ улахан десант түһэрбиттэр. Инньэ гынан Германияны утары арҕаа иккис фронт аһыллыбыт.

🔹1944 — Кимэ-туга оччо биллибэт саллаат Иннокентьев Иван Васильевич Саха суруйаачыларын сойууһугар 1944 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр суруллубут суругар саха бэйиэтэ Чаҕылҕан «Воину-якуту» диэн хоһооно «Сын Родины» диэн фронт хаһыатыгар бэс ыйын 6 күнүгэр бэчээттэммитин кэпсээбит.

🔹1945 — «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин» мэтээл олохтоммут. Саха үлэһит дьоно бу «Ыстаалын төбөлөөх» мэтээли наһаа ытыктыыллара.

🔹1957 — Серафим Потапов реабилитацияламмыта — Саха устуоруктарыттан биир бастакылара, кыраайы үөрэтээччи, дьоҕурдаах суруналыыс быһыытынан биллибит киһи, судаарыстыба диэйэтэлэ. Үөһээ Бүлүүгэ прогрессивнай өйдөөҕүнэн биллибит Баай Батаакап оҕолоруттан биирдэстэрэ, 1938 сыллаахха хаайыллыбыта, 1941 сыллаахха Халымаҕа лааҕырга сүтаан өлбүтүн туһунан сурах кэлбитэ.

Төрөөбүттэр:

🔸1599 — Диего Веласкес (6.8.1660) төрөөбүт, Испания улуу худуоһунньуга, Филипп IV хоруолга үлэлээбитэ.

🔸1799 — Александр Пушкин (10.12.1837 өлб.) нуучча улуу бэйиэтэ.

🔸1905 — Георгий Масленников, 1943—1946 сыллардаахха ВКП(б) Саха обкуомун бастакы сэкирэтээрэ.

Өлбүттэр:

🔹1926 — Москуба куоракка саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, бэйиэт, бөлөһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй ыалдьан өлбүт.

🔹1961 — Михаил Доҕордуурап (1906—1961) — бэйиэт, сэһэнньит, драматург, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, ааҕарга-суруйарга бэйэтин дьулуурунан үөрэммитэ, саха уоһун номоҕун айымньыларын бэркэ билэрэ, олоҥхолуура.

🔹1983 — Гаврил Боескоров (15.01.1915 төр.) — Кыыл Уолун, Ньукулай Ностуруруойап, Амма Аччыгыйын, Бүөтүр Тобуруокап айар үлэлэрин чинчийбит учуонай, филология билимин хандьыдаата.

🔹1991 — Иннокентий Эртюков (24.11.1916 төр.) — бэйиэт, тылбаасчыт. «Эдэр коммунист» уонна «Бэлэм буол» хаһыаттарга, «Хотугу сулус» сурунаалга үлэлээбит суруналыыс.

🔹1996 — Ариан Кузьмин — космос сардаҥаларын үөрэппит физик-учуонай, билим салайааччыта, СГУ ректора, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.

Бикипиэдьийэни ханнык баҕарар киһи уларытар кыахтаах, көҥүл-босхо.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Өксөкүлээх_Өлөксөй

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_6

https://sah.wikipedia.org/wiki/Кузьмин_Ариан_Ильич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Боескоров_Гаврил_Ксенофонтович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Эртюков_Иннокентий_Илларионович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Иннокентьев_Иван_Васильевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Потапов_Серафим_Георгиевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/«1941-1945_сс._Аҕа_дойду_сэриитигэр_килбиэннээх_үлэ_иһин»_мэтээл

https://sah.wikipedia.org/wiki/Догордуров_Михаил_Федосеевич

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА