22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бэс ыйын 1 күнэ. Оҕо, төрөппүт уонна үүт күннэрэ. Суолталарын Бикипиэдьийэҕэ аах

09:01, 01 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 1 күнэ — Аан дойдуга Оҕо көмүскэлин күнэ. 1949 сыллаахха Дьахталлар аан дойдутааҕы дэмэкирээттии бэдэрээссийэлэрэ быһаарыытынан бэлиэтэнэр. Сүнньүнэн оҕону түһэртэриини утарыыга туһаайыллар. Төрөппүт аан дойдутааҕы күнэ. ХНТ 2012 сыллаахха ылыммыта. «Оҕо бары өттүнэн толору сайдарыгар төрөппүт сылааһа, болҕомтото, таптала уонна өйдүүрэ баар буолуохтаах диир ХНТ саайта. Бу күн аан дойду бары төрөппүттэригэр ананар«, — диэн суруйар Бикипиэдьийэ дьаһабыла Ньукулай Халан.


Аан дойдуга Үүт күнэ. 2020 сылга сүүрбэһис төгүлүн бэлиэтэнэр. Үүт сүҥкэн суолтатын санатарга уонна үүтү оҥорооччулары өйүүргэ анаан ХНТ Ас уонна тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ олохтообута.

Түбэлтэлэр:

🔹1764 — коллежскай советник Мирон Черкашенинов Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Бу дуоһунаска 1766 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр дылы сулууспалаабыта. Уурайан баран дьаһаах хамыыһыйатын салайбыт. Сахаҕа кини аатынан өс номоҕо үөскээбит: «Мөрүөн хамыыһыйа саҕаттан», «туос биэдэмэскэ суруллубутунан». Сири сыһыарыы биэдэмэстэрин, кумааҕы суох буолан, Мөрүөн хамыыһыйата туоска суруйбута биллэр.

🔹1899 — Дьокуускайга уу суолунан Хапхаастан көскө ыытыллыбыт духобордар кэлбиттэр. Бу дьон сэрии сэбин тутартан батыналлара. Бастаан Кырыымҥа, онтон Хапхааска көскө ыыта сылдьыбыттара. Тиһэҕэр үгүстэрэ Лев Толстой уонна квакердар өйөбүллэринэн Канаадаҕа көспүттэрэ, сыдьааннара билигин да онно бааллар.

🔹1918 — Ньурба Чаппандатыгар кииннээх «Холбоhук» (“Единение”) диэн атыы-эргиэн тэрилтэтэ үлэтин саҕалаабыт.

🔹1919 — Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Судаарыстыбаннай экономика мунньаҕа буоларын туһунан телеграмма тутар. Бу мунньах бэс ыйын 30 буолбутугар көхтөөх кыттыыны ылар, аара Саха сирин сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар элбэх көдьүүстээҕи ситиһэр, үп-харчы аҕалар.

🔹1922 — ВЦИК дэкириэтигэр олоҕуран Былатыан Ойуунускай баһылыктаах бастакы национальнай сэбиэскэй бырабыыталыстыба тэриллибитэ.

🔹1922 — Алтаай күбүөрүнэтиттэн араарыллан Ойрот автономиялаах уобалаһа олохтоммут (кэлин Алтаай Өрөспүүбүлүкэтэ).

🔹1965 — сэбиэскэй суруйааччы Михаил Шолохов Нобель бириэмийэтин литэрэтиирэҕэ лауреата буолбут.

🔹1966 — Кытай араадьыйатыгар буржуазияны утарар дацзыбао ааҕыллыбыт, интеллигенцияны репрессиялыыр хампаанньа саҕаламмыт.

🔹2016 — Уһук Илиҥҥи гектар туһунан сокуон олоххо киирбит.

Төрөөбүттэр:

🔸1891 — Александр Потапов, сахалартан маҥнайгы идэтийбит быраастартан биирдэстэрэ.

🔸1940 — Николай Калитин — Өлүөхүмэ Саҥыйахтааҕар сахалыы суруйар эбэҥки бэйиэтэ, прозаига, литэрэтиирэни ырытааччы, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

Өлбүттэр

🔹2010 — Андрей Вознесенскай (1933 с.т.), бэйиэт уонна прозаик, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Саҥыйахтаах

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_1

https://sah.wikipedia.org/wiki/Черкашенинов_Мирон_Мартынович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Маалыкай_(Ньурба_улууһа)

https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_сиригэр_олохтоох_салайыныы_үөскээһинэ,_сайдыыта

https://sah.wikipedia.org/wiki/Духобордар

https://sah.wikipedia.org/wiki/Алтаай_Өрөспүүбүлүкэтэ

https://sah.wikipedia.org/wiki/Потапов_Александр_Георгиевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Калитин_Николай_Романович

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА