Бэчээтинэй Сми-лэри өйүүргэ судаарыстыба 500,5 мөлүйүөн солкуобайы көрүөҕэ. Бу үбү федеральнай уонна региональнай бэчээт тэрилтэлэрэ үллэстиэхтэрэ.
Ол курдук, куонкурус быһаарыытынан, 95 мөлүйүөн солкуобайы 95 федеральнай хаһыаттар уонна сурунааллар ылыахтара. Өссө 405,5 мөлүйүөн солкуобайдаах субсидия 784 региональнай бэчээт таһаарыыларынан барыаҕа. Ол быыһыгар, министиэристибэҕэ 2022 сылга киирбит сайаапка уопсай ахсаана 2 тыһыынчаттан таҕыста.
Сыыпара министиэристибэтигэр Арассыыйа норуоттарын национальнай тылларыгар таһаарыыны, оҕолорго уонна биэнсийэлээхтэргэ, ветераннарга аналлаах хаһыаттар, научнай- популярнай, литературнай- сырдатар сурунааллар уо. д. а региональнай таһаарыылары өйүөхпүт диэтилэр.