Саха сиригэр бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саас» мультибэстибээл саҕаланна. Ол чэрчитинэн оройуоттарга кулун тутар 31 күнүгэр диэри куонкурустар, дьаарбаҥкалар, араас хайысханан күрэхтэһиилэр буолаллар. Холобур, Кэбээйи улууһун Эрбэһигэр «Мормышка» муус аннынан балыктааһын буолар.
Бэстибээлгэ барыта 30 тыһ киһи хабыллара былааннанар, регион салалтатын пресс-сулууспата биллэрдэ.
«Саха сирин сааскы кэмин үгүс киһи сөбүлүүр. Тымныылар бүтэннэр, айылҕа уһуктар кэмэ. Араас бырагыраама үлэлиир, култуура, айар кут, сынньалаҥ барыта биир сиргэ түмүллэр», — диэтилэр тэрийээччилэр.
Бэстибээл сыала — айар талаан, туризм, предпринимательство уонна көхтөөх олох.