Өлөөн улууһугар Ан-30 сөмөлүөт саахалланан олорбут сириттэн хаартыскалары Саха сирин нэһилиэнньэтигэр куттал суоһаабатын хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт пресс-сулууспата таһаарда.
Россия ЫБММ дааннайдарынан, Ан-30 сөмөлүөт Өлөөн сэлиэнньэтиттэн 70 км ыраах саахалланан олордо. Бортка баар дьон бары тыыннаахтар.
Көтөр аал Москватааҕы «Регион 98» фирма бас билиитэ. Быһааралларынан, борт ардах ыҥырар тэрилэ суох көппүт.
Бэҕэһээ Ан-30 сөмөлүөт Дьокуускай — Өлөөн хайысхатынан көтөн иһэн, эмискэ радартан сүппүтүн туһунан иһитиннэрии киирбитэ. Ол кэннэ быыһааччылар көтөр аал саахалланан олорбут сирин чопчулаабыттара.
Эчэйиини ылбыт экипаж икки чилиэнин Дьокуускайга аҕаллылар. Онтон биэс киһини Мииринэй балыыһатыгар тириэртилэр.