21 Ахсынньы 21.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Балаҕан ыйын 10 күнэ. Гороскоп

09:03, 10 сентября
Хаартыска: ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой

Бүгүн бэйэҕэр сынньалаҥ күнү биллэрэр ордук буолсу, сылааҕын таһаарыаххын наада.

Оҕус

Ким даҕаны эн олоххор орооспотун баҕараҕын.

Игирэлэр

Урукку кэмтэн дьон биллиэхтэрэ, арахсыбыт суолу холбуур оруна суох.

Рак

Эн дууһаҕар туох буола турарын ким да билиэ суоҕа, төһө да ыраах да чугас да дьон буоллун.

Хахай

Бэйэҥ талан ылбыт буоллаххына кэмсинэр наадата суох.

Кыыс

Бириэмэ барытын миэстэтигэр туруоруоҕа, сөптөөх кэмҥэ сөптөөхтүк.

Ыйааһын

Дьон сымыйалыырын истэр олус да куһаҕан, сирэйдэрэ сааппатыттан ордук эн кыбыстаҕын.

Скорпион

Сороҕор үлэҕэ наадыйбат, кыһаммат буолар, тус олоххор бириэмэ уурар ордук.

Охчут

Дьон сүбэтигэр кыһаллыма, бэйэҥ олоххун бэйэҥ оҥор.

Чубуку

Ол бу араас буолары буолбаты барытын бэйэҕэр ылыныма, холку буол.

Күрүлгэн

Ыт ыксаан хараҕа суох оҕону төрөтөр дииллэр, быһаарыныы ыларга отой тиэтэйимэ.

Балыктар

Бүгүҥҥү күн олус элбэх түбүгү эрэйэр, туох-баар күүскүн-сэниэҕин киллэрэн туран тиһэҕэр тириэрт.

Эҥсиэли

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова