2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн сокуоҥҥа олоҕуран, начаалынай кылаас оҕолоро оскуолаларыгар күҥҥэ кырата биирдэ сылаас аһынан босхо хааччыллыахтара. СИА «Парламентская газета» хаһыакка сигэнэн суруйар.
Доруобай аһылыгы сокуоҥҥа киллэрдилэр. Доруобай ас диэн күннээҕи ас рациона: куттала суох уонна эт-сиин, өй-санаа сайдыытыгар, олоххо-дьаһахха, кэскилгэ усулуобуйаны тэрийии ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр.
Сокуонунан доруобай ас критерийдэрэ, категорияларынан көрөн аһылыгы тэрийиигэ ирдэбиллэр киирэллэр. Холобур, үөрэх тэрилтэлэрэ бэйэлэрин саайтарыгар оҕо күннээҕи менютун таһаарар эбээһинэстээх буолуохтара.
Начаалынай кылаастар оҕолоро сылаас аһынан хааччыллыыларыгар көһүү хас да түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа — 2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри.