22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Байыаннай хомуурга барбыттар дьиэ кэргэттэригэр төлөбүрү сэтинньи 1 күнүгэр диэри тириэрдиэхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр Саха сиригэр көрүллүбүт биир кэмнээх 200 тыһ солк төлөбүрү тириэрдиини сэтинньи 1 күнүгэр диэри түмүктүүр былааннаахтар. Ол туһунан суһал штаб брифинигэр вице-премьер Ольга Балабкина эттэ, суруйар СИА.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоруута салҕанан барар. Билигин МФЦ уонна «Госуслуги» порталга тустаахтартан сайабылыанньа ылыыта ыытыллар», — диэтэ Ольга Балабкина.

Вице-премьер санаппытынан, биир кэмнээх 200 тыһ солк кээмэйдээх көмөнү ылыан сөптөөх: 1) кэргэнэ; 2) саахсалара суох түбэлтэтигэр, бииргэ олороллорун дакаастыыр усулуобуйаҕа ылыан сөп; 3) кэргэнэ суох буоллаҕына — оҕотугар, ол иһигэр сокуоннай сааһын сиппит да буоллун, өскөтүн кинилэр биир дьиэҕэ олорор буоллахтарына; 4) кэргэнэ, оҕото суох буоллаҕына — төрөппүттэригэр (опекуннарыгар) аҥаардаан; 5) үөһэ этиллибит аймах дьоно суох буоллаҕына — бииргэ төрөөбүттэригэр, тэҥ өлүүскэнэн.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА