21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Бөртөлүөттэр Дьокуускай - Нам баһаарыгар үлэлиэхтэрэ

11:01, 13 августа 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр билигин 4 млн га сиргэ 171 ойуур баһаара умайар. Эрэгийиэҥҥэ куйаас, кураан, тыаллаах күннэр туралларынан бэһис, муҥутуур кылаастаах баһаар суоһуур куттала олохтонон турар. Ити туһунан айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев бу сарсыардааҥҥы брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.


«Атырдьах ыйын 13 күнүгэр балаһыанньа уустук. Уопсайа 1 мөл 318 тыһ. га иэннээх сиргэ 62 баһаары умулуннарыыга үлэлэһэбит. Ааспыт сууккаҕа 64 тыһ. га сиргэ аҕыс ойуур баһаарын төгүрүттүбүт, 18 уоту умулуннардыбыт», — диэтэ Сахамин Афанасьев.

Уоту умулуннарыыга 5 тыһ. киһи, 750-тан тахса тиэхиникэ үлэлии сылдьар. Миниистир Саха сиригэр эбии ЫБММ 15 туонна ууну ыһар кыахтаах Ми-26 уонна Ми-8 бөртөлүөттэрэ кэлиэхтэрин эттэ. Авиация Дьокуускай-Нам кыраныыссатыгар умайар баһаарга үлэлиэ. Ону таһынан итиннэ бульдозер тиийиэ.

Өрөспүүбүлүкэ 13 нэһилиэгэр уот суоһуур куттала баар. Горнай улууһун Орто-Сурт нэһилиэгэр баар уокка эбии дьону, тиэхиникэни ыытыахтара. Дьокуускай-Нам ыккардынааҕы баһаар ураты болҕомтоҕо тутуллар. Горнай, Уус Алдан, Нам, Чурапчы улуустарын баһаардара хонтуруолланаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА