22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бүлүү үгүлээттэрэ "Өлбөт үйэлээх полк" акцияҕа кытыннылар

11:31, 10 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүлүү улууһун Үгүлээтигэр халлаан төһө да бүрүллэн турдар, хаар түстэр, дьон көҕө онтон тохтоон турбата. Кыайыы күнүн бэлиэтии оҕолуун улаханныын муһуннулар.


Параадка оскуола «Катюша» массыыналаах оҥостон-туттан кэлбитигэр, дьон сүһүөхтэригэр туран ытыс таһыннылар. «Өлбөт үйэлээх полк» халҕаһатыгар сэриигэ баран суорума суолламмыт аймахтарын бартырыатын тутан хаамтылар. Кинилэр сырдык ааттарын, оҥорбут дьыалаларын ахтан-санаан аастылар.

Өссө биир тэрээһининэн фронт хааһытынан кэлбит дьону күндүлээһин буолла. Кырдьаҕас көлүөнэҕэ «Ахтыаҕыҥ, саныаҕыҥ» көрсүүһүү биэчэрин эдэрдэр тэрийэн ыыттылар.

«Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» акциянан Кыайыы күнүн бэлиэтээһин түмүктэннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА