Бүлүү улууһугар уопсастыбаннай тэрилтэлэр олус көхтөөх үлэни ыыталлар. Сотору Бэтэрээннэр спартакиадалара буолуо.
Соторутааҕыта Бэтэрээннэр сэбиэттэрин Президиумугар быйыл муус устарга иккис сылын ыытыллар Бэтэрээннэр спартакиадаларын ыытыыны дьүүллэстилэр. Сэбиэт быһаарыытынан, бу спартакиадаҕа 60 саастарын ааспыт «уолаттар» уонна «кыргыттар» кытталлар. Ол курдук, дуобат, саахымат, хабылык уонна хаамыска, остуол тенниһэ, сыал ытыыта, 5 киһилээх 400 м эстафета курдук күрэхтэһии көрүҥнэрэ ыытыллыахтара.
«Саха сирэ» хаһыаттан.