Бөлүүн Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар улуустарыгар түспүт дохсун ардахтар Ан-26 «Циклон» сөмөлүөт ардаҕы аҕалар үлэтин түмүгэ буолла. Бу туһунан ойуур харыстабылын департаменын салайааччы Владимир Иванов иһитиннэрдэ.
«Оҥоһуу ардаҕы аҕалар Ан-26 «Циклон» сөмөлүөт Саха сиригэр үлэтин саҕалаата. Бэс ыйын 30 күнүгэр сөмөлүөт Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар улуустарыгар үлэлээтэ», — диэтэ кини.
Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, Үөһээ Бүлүүгэ — биэс, Ньурбаҕа — 8, Сунтаарга — 11 ойуур баһаардара бааллар. Суукка иһигэр Үөһээ Бүлүүгэ үс, Ньурбаҕа – икки, Сунтаарга үс баһаар бохсулунна.