22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бүгүҥҥүттэн тыйаатырдарга репетициялары көҥүллээтилэр

13:23, 28 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавируһунан сибээстээн ылыллыбыт хааччахтыыр миэрэлэр Саха сиригэр балаҕан ыйын 18 күнүгэр диэри уһатылыннылар. 


Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 27 күнүгэр Ил Дархан 1294№-дээх анал ыйаахха уларытыы киллэрдэ.

«Бүтэһик ыйдарга ыарыы тарҕаныытын коэффициена 0,9-1,1 халбаҥныыр. 0,5 диэри түстэҕинэ хааччахтааһын бүтүннүү уһуллар. Дойдуга маннык көрдөрүүлээх эрэгийиэн аҕыйах», — диэтэ бэҕэһээ Айсен Николаев социальнай ситимнэринэн быһа сибээс кэмигэр.

Өскөтүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри балаһыанньа биир тэҥ турдаҕына бассейннар, киинэ тыйаатырдара үлэлиэхтэрэ, оттон атырдьах ыйын 28 күнүттэн тыйаатырдарга репетициялары ыытары көҥүллүөхпүт”, — диэн Ил Дархан эттэ.

Билигин хааччахтааһын тыйаатырдарга, киинэ тыйаатырдарыгар, бассейннарга уонна 65-тэн үөһэ саастаах, хроническай ыарыылаах дьоҥҥо хаалан турар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА