28 Кулун тутар 28.03
  • $ 81,14
  • 93,42

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай - Аллара Бэстээх хайысханан 30 "подушка" дьону таһыаҕа

10:03, 24 апреля 2024
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Муус устар 24 күнүттэн Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан 204 микрооройуон «Намыв» ыстаансыйаттан «ЛенаВодСервис» салгын олбохтоох суудуналара үлэҕэ турунуохтара.

Пассажирдары таһыыга барыта 30 техника тахсыаҕа, ол иһигэр катердар уонна аэроботтар, ЯСИА-ҕа хампаанньа салайааччыта Борис Строев эттэ.

«Икки биригээдэ баар: «ЛенаВодСервис» 25 техникалаах, «ЛенаТранска» — биэс. Бу күннэргэ «ЛенаТур» «тайфуннара» турунуохтара, бу үһүс биригээдэ. Бары «Намыв» ыстаансыйаттан хоҥноллор, пассажирдарга ол ордук табыгастаах», — диэтэ Борис Строев.

Билиэт сыаната 2000 солк. Сарсыарда 7 чаастан, киэһэ 8 чааска диэри үлэлииллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА