Бүгүн, бэс ыйын 20 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ киин, соҕуруу оройуоннарыгар сорох сиринэн кыралаан ардыаҕа. Өлүөнэ аллараа тардыытынан, соҕуруулуу-илин, күнүс соҕуруулуу-арҕаа сорох өттүгэр быстах этиҥнээх ардах түһэрэ сабаҕаланар.
Этиҥнээх ардах кэмигэр сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м., Арктика оройуоннарыгар 15-20 м. түргэннээх тыал түһэрэ күүтүллэр, суруйар Саха сирэ саайт.
Салгын температурата күнүс +18+23°С, соҕуруулуу-арҕаа, хотугулуу-илин +24+29°С кыраадыс буолуоҕа.