Бүгүн, ыам ыйын 23 күнүгэр Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан быйылгы дьыл бастакы парома айанныаҕа, бэрэбиэркэҕэ.
Айан харгыһа суох оҥоһулуннаҕына, ыам ыйын 24 күнүттэн паромнар техникалары тиэйиигэ-таһыыга үлэлэрэ саҕаланыаҕа. Ол туһунан УК «Паромы Якутии» УХ дириэктэрэ Николай Ефимов ЯСИА-ҕа эттэ.
«Бүгүн киэһэ паром бастакы рейсын оҥорор былааннаахпыт. Этэҥҥэ аастаҕына, сарсыҥҥыттан паромнар тохтоло суох үлэлэрэ саҕаланыаҕа. Өрүскэ өссө да муус баар, онон бэрэбиэркэлиир рейс сатамматаҕына, ыам ыйын 25 күнүттэн сырыы арыллыан сөп», — диэтэ Николай Ефимов.