15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

«Азия оҕолоро»: Саха уола Иван Аржаков 2000 м. уһуннаах, мэһэйдээх сүүрүүгэ кыайда

10:21, 12 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» VI-с спортивнай Оонньуу чэрчитинэн ыытыллыбыт чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһии иккис күнүгэр көрөөччүлэр өрүкүйэ түстүлэр: Өлүөхүмэ уола Иван Аржаков барыларын хааллартаан, кыайыылаах таҕыста.


«Бастакы эргиир кэнниттэн утарсааччыларым хайдахтарын-туохтарын тута билбитим. Ол кэнниттэн түһүнэн кээспитим», — диэн кини федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарыгар эттэ.

Кини долгуйбатаҕын, финишкэ бастакынан тиийэр эрэ санаалаах сүүрбүтүн туһунан кэпсээтэ, көрөөччүлэргэ уонна дьарыктыыр тренердэригэр истиҥник махтанна.

Иван Аржаков хас эргиир ахсын утарсааччыларын кэннигэр хааллартаан истэ уонна 6 мүн. 22,31 сөк. кэлэн кыайыы өрөгөйүн биллэ. Киниттэн филиппинец Эдуард Джош Буенависта (6:27,70) кэллэ, боруонса мэтээли Шри-Ланка спортсмена Лаксан Супун Эканаеке (6:33,08) ылла.

Саха спортсмена 2000 м баһылаабыта биллэр. Бу күрэхтэһиилэр иннилэринэ 6 мүн. 28 сөк. кэлэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова