«Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ спорт бырааһынньыгын тэрийэргэ былаанныыбыт. Фишкалары билигин арыйбаппын, ити эрээри шоу буоларын этэбин. Маннык хабааннаах шоу Дьокуускайга өссө буола илик. Биири этэбин — Дьокуускайтан кыттыан баҕалаахтар тырааныспардара шоу сорҕото буолуоҕа. Тэрээһин сүрүн идеята — биһиги бары биир күн анныгар олоробут, эйэлээхтик олоруохтаахпыт, өйдөһүөхтээхпит, доҕордуу буолуохтаахпыт, спорт биһигини барыбытын түмэр», — диэн өрөгөйдөөх күн кылаабынай режиссера Михаил Степанов эттэ.
Шоу түөрт блоктан турар, аан бастакытын театрдыы көрдөрүү буолуо суоҕа. Сиэргэ-туомҥа барыта 1000-тан тахса киһи кыттыаҕа. Кыраһыабай көстүүнү көрдөрө киин куоракка 13 айар бөлөх араас улуустартан кэллэ. Сүрүннээн хоту оройуоттар. Сорох чааһын Дьокуускайтан 20 хамаанда ыытыаҕа.
«Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ сүрүннээн аныгы хореография көрдөрүллүөҕэ. Норуодунай үҥкүү, аныгы үҥкүү баар буолуоҕа. Олус интэриэһинэй буоларыгар эрэнэбин», — диэтэ кылаабынай балетмейстер, хореограф Алена Павлова.
Санаттахха, «Азия оҕолоро» оонньуулар түмүктүүр тэрээһиннэрэ от ыйын 6 күнүгэр субуотаҕа «Туймаада» стадиоҥҥа буолуоҕа. Билиэттэри Оонньуулар саайтарыгар уонна «Центральный» киинэ тыйаатырыттан ылыахха сөп.