«Азия оҕолоро» норуоттар ардыларынааҕы спорт оонньууларын бэһис күнэ бэҕэһээ киэһэ түмүктэри таһаарда. Эдэр спортсменнар биэс көрүҥҥэ мэтээллэри иилиннилэр: чэпчэки атлетика, харбааһын, дзюдо, көҥүл тустуу уонна остуол тенниһэ.
Мэтээллэри Олимпиада, Азия, Европа, аан дойду чемпионаттарын кыайыылаахтара уонна призердара туттараллар. Бу күн барыта 136 мэтээл оонньонно, олортон Саха сирэ үс кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээли ылла.
Чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин спортсменнара «Кылыыга» күннээтилэр: уолаттарга бастакы үс миэстэни Максим Семенов, Марк Никитин уонна Арылхан Андреев ыллылар. Альберт Винокуров 3х3-кэ бастыҥ буолла. Көҥүл тустууга Саха сирин уолаттара, Уһук Илин федеральнай уокуруктан кыттыбыт Ариан Винокуров (44 кг) уонна Никифор Семенов (48 кг диэри) кыһыл көмүс мэтээллэри туттулар.
Хаачыстыбаҕа лидердар Сибиирдээҕи федеральнай уокурук (+6 кыһыл көмүс, барыта 15), иккискэ Узбекистан (+6, барыта 14), Москва (+5, барыта 13).