От ыйын 12 күнүгэр, Дьокуускайга «Триумф» спортивнай комплекска «Азия оҕолоро» хапсаҕайга бастакы күннээҕи күрэхтэрэ саҕаланна. Индия, Казахстан, Сирия, Армения курдук араас дойдулартан үс (45, 55, 70 кг) ыйааһыҥҥа барыта 27 хапсаҕайдьыт кыттан, бириистээх миэстэлэри былдьаста.
Саха сирин уолаттара хара бастааҥҥыттан утарсааччыларын кыайа-хото тутан, үчүгэйдик саҕалаатылар. Ити эрээри, чөмпүйүөн үрдүк аатын былдьаһыыга Сибиирдээҕи федеральнай уокурук уолаттара «буораахтаахтарын» биллэрдилэр.
45 киилэҕэ Сибиирдээҕи федеральнай уокуруктан киирбит тыва бастыҥ бөҕөһө Оттук Хомуску Саха сирин хамаандатын бастакы нүөмэрин Ян Дьячковскайы кыайан соһутта. Ол оннугар Василий Софронов Армения спортсменын Артур Багратяны хотон, боруонса мэтээлгэ тигистэ.
55 киилэҕэ Чалау Куцугет биһиги уолбутун Евгений Татариновы таһаҕас оҥостубакка түргэнник кыайыыны сурунна. Аны боруонсаны былдьаһыыга Петр Степановы армян хапсаҕайдьыта Меслун Меслумян түҥнэри сөрөөн түһэрэн, баһыйар күүстээҕин көрдөрдө.
70 киилэҕэ Буанто Бансаркаев Саха сирин чөмпүйүөн хапсаҕайдьыта Руслан Максимовы атаҕыттан өрө баһан таһааран, көбүөргэ тыастаахтык быраҕан, чаҕылхай тустуу ньыматын көрдөрдө. Оттон боруонса мэтээл хаһаайынынан монгол бөҕөһө Мунтулга Дармабаатар буолла.
— Биһиги хапсаҕайдьыттарбыт аһара долгуйдулар быһыылаах. Үчүгэйдик хомуллан киирсибэтилэр. Кинилэри кыайталаабыт Тыва, монгол уолаттара элбэх улахан күрэхтэһиилэргэ кыттыбыт, биллэн-көстөн эрэр бөҕөстөр. Атахха киирэ үөрүйэхтэр. Оттон биһиэттэрэ аҥаардас хапсаҕайынан эрэ дьарыктаналлар. Ити кинилэр сүрүн сыыһалара буолар. Хайаан да көҥүл тустууну уонна хапсаҕайы дьүөрэлээн туһуннахха эрэ кыайыы кэлиэҕэ. Мин көрүүбэр итинник, — диэн сыана быста олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин.