Владивостокка «Азия оҕолоро» оонньууларга уолаттар ортолоругар 10 миэтэрэҕэ пневматическай бэстилиэтинэн ытыыга күрэхтэһии буолан ааста. Айхал Ковров Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар үрүҥ көмүс мэтээли аҕалла, диэн СИА кэпсиир.
Владивостокка «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар чэрчитинэн буулдьанан ытыыга күрэхтэһии салҕанар. Бүгүн Приморье киин куоратын «Юность» спорт дыбарыаһыгар уолаттар ортолоругар «пневматическай бэстэлиэтинэн-60, 10 миэтэрэҕэ» эрчиллиилэр буоллулар. Армения, Кыргызстан, Узбекистан уонна Арассыыйа биэс регионуттан эдэр спортсменнар төһө сыыһата суох ыталларын көрдөрдүлэр.
Дьокуускайдааҕы сүүмэрдэммит хамаандатын ытааччыта Айхал Ковров 10 очкону хомуйан иккис бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ. Финальнай ытыыга Саха уола Узбекистантан сылдьар Вениамин Никитиҥҥа хоттордо.
Боруонса мэтээли Кыргызстан бэрэстэбиитэлэ Имандос Бекетов ылла.