Тыа сиригэр Тупсарыныы сыла дьону үлэҕэ көҕүлүүр. Уус Алдан Тумулугар дьон ырааһырдыныыга таҕыста.
От ыйын 9 күнүгэр Арыы Тииккэ улахан субуотунньук буолла. Дьон баҕа өттүнэн ырааһырдыныыга таҕыста. Тумулга ТОС — түөлбэ үлэтэ тэриллибитэ үтүө хамсааһыннары саҕалаата. Уопсастыбаннай тэрилтэ былаан ылынан, дьону көҕүлээн, Тупсарыныы сылыгар араас дьаһалы ыытар. «Тыа сирэ тас көстүүтэ тупсаҕай буоларын ситиһиэхтээх. Ол иһин түөлбэлэр мустан, бу тулалыыр эйгэбитин бөхтөн-сыыстан, быраҕыллыбыт тимиртэн ыраастыыбыт», — диэтэ ТОС салайааччыта.
Субуотунньукка түөрт техника үлэлээтэ, уопсайа 20 массыына бөх тиэллэн, сыбаалкаҕа тириэрдилиннэ. Маҥнайгы хамсааһыҥҥа нэһилиэк дьоно бары кэриэтэ кытынна.