«Сочи Марафон — 2022» тэрээһин быйыл Арассыыйа 71 регионуттан 5200-тэн тахса араас таһымнаах сүүрүүнү таптааччыны түмтэ. Кыайыылаахтар ахсааннарыгар Уус Алдан улууһуттан төрүттээх Артур Бурцев киирдэ диэн, «Спорт Якутии» биллэрэр.
Билигин Санкт- Петербурга олорор Бурцев 5 км уһуҥҥа 15:43 түмүктээх кыайыыны. Санатан эттэххэ, бу сайын Саха сирин норуоттарын VII спортивнай оонньууларыгар Артур Бурцев бу дистанцияҕа кыһыл көмүс мэтээли ылбыта. 10 км сүүрүүгэ спортсмен сылаастан охсуу ылан дискалификацияламмыта. Быйыл ыам ыйыгар «Москва полумарафонугар» эмиэ 5 км уһуҥҥа кыайбыта.
«Сочи Марафон» үгэс быһыытынан сэтинньигэ курорт историческай киинигэр ыытыллар. Бу чаҕылхай маассабай спортивнай тэрээһин дойдубут араас регионнарыттан Сочига тыһыынчанан спортсменнары түмэр. Марафон 5 км, 10 км, 21,1 км уонна 42,2 км дистанциялардаах буолла.