21 Сэтинньи 21.11
  • -28°
  • $ 100,22
  • 105,81

Арктикаҕа кыһыҥҥы суоллары оҥоруу саҕаланна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Дороги Арктики» тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, оройуоттарга массыына кыһыҥҥы суолларын оҥоруу саҕаланна. Билигин мууһу халыҥатыы үлэтэ барар.

Дьааҥытааҕы суолу оҥоруу учаастага «Яна» уонна «Верхоянье» учаастактарга кыһыҥҥы суолу оҥорор. Муус халыҥатыыта суол уйуктаах буоларыгар туһалаах, этэллэр үлэһиттэр.

Муус үрдүн хаартан ыраастыыллар. Оччоҕуна «эффекта одеяла» сүтэр, муус кытаатар.

Үлэ барыта илиинэн оҥоһуллар, улахан уйуктаах техника билигин мууска киирэр кыаҕа суох.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА