19 Ахсынньы 19.12
  • -30°
  • $ 103
  • 108,34

Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин Бастакылар хамсааһыннара салаатын уһуйааччытынан буолла

11:07, 06 декабря
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Арассыыйа Дьоруойа, “Время Героев” бырагыраама кыттааччыта, Ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникациялар миниистирин эбээһинэһин толорооччу Игорь Юргины “Бастакылар хамсааһыннара” уһуйааччытынан билиһиннэрдилэр.

Үөрүүлээх тэрээһин ахсынньы 5 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы “Бастакылар хамсааһыннара”  оҕолор, ыччаттар уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай хамсааһыннарын эрэгийиэннээҕи салаатын кэмпириэнсийэтин иитинэн буолла.

“Эһиги ыччат бэлиитикэтин уонна уопсастыбаннай үлэни хамсатар улахан күүһүнэн буолаҕыт. Бастакылар диэн аат эмиэ киэн тутта, дьоһуннаахтык иһиллэр, ол эрээри, маны кытта тэҥҥэ эппиэтинэһи эмиэ сүктэрэр. Бастакылар уһуйааччыларынан буолуу – бу олус эппиэтинэстээх, эһиги уһуйааччыгыт буоларбыттан үөрэбин. Ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникациялар министиэристибэтэ эһиги саҕалааһыннаргытын куруук өйүөҕэ” — диэн Игорь Юргин эттэ.

Кэмпириэнсийэ улахан мунньаҕар эрэгийиэннээҕи салаа уонна Бастакылар Сэбиэттэрин бырайыактыыр үлэтин түмүгүн отчуоттаатылар. СӨ Бастакылар хамсааһыннарын эрэгийиэннээҕи салаатын Сэбиэтин саҥа састаабын бигэргэттилэр. 2025 сыллааҕы саҥа састаапка бары 36 улуустан уонна куорат уокуруктарыттан хамсааһын көхтөөх ыччаттара киирдилэр.

Тэрээһиҥҥэ барыта 416 дэлэгээт кытынна. Бүтүн Арассыыйатааҕы “Бастакылар хамсааһыннара” оҕо, ыччат хамсааһына дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан 2022 сыллаахха тэриллибитэ. Бүгүн хамсааһын салаата 36 муниципальнай тэриллиигэ аһыллан үлэлиир. Оҕо иллэҥ кэмин, эргиччи сайдар кыаҕын, ону тэҥэ, идэтин таларыгар ыйан-кэрдэн биэрэр аналлаах, суруйда Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

«Саха сирэ» саайтан ылылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА