Бүгүн Саха сиригэр Арассыыйа ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин (ЫБММ) 200 быыһааччыта кэлэрэ күүтүллэр. Кинилэри уот суоһуур нэһилиэктэригэр ыытыахтара.
Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 68 ойуур баһаарын умуруораллар.
«Быыһааччылары тутатына 25-тии киһилээх аҕыс бөлөххө арааран ойуур уота суоһуур нэһилиэктэригэр ыытыахпыт», — диэтэ бу сарсыарда бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников.
Билигин уот Нам улууһун Өргөлөөҕөр, Харыйалааҕар, Таатта Ытык Күөлүгэр, Горнай Бэс Күөлүгэр, Уус Алдан Бээрийэтигэр, Кылаайытыгар, Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыгар, Хомустааҕар, Кэбээйи Сииттэтигэр, Сангаарыгар, Кальвицатыгар, Чурапчы Мэлдьэхситигэр суоһуур.