Арассыыйа боксердара Кисловодскайга бэлэмнэниилэрин түмүктээтилэр. Сотору кинилэр дойду чөмпүйэнээтигэр кыттыахтара.
«Күрэхтэһии Олимпийскай оонньууга хамаанда састаабын бигэргэтиэ», — диэн дойду сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тренерэ Виктор Фархутдинов Арассыыйа буоксаҕа Федерациятын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрбит.
Арассыыйа буоксаҕа эр дьоҥҥо хамаандата Кисловодскайга алтынньы 12 күнүттэн сэтинньи 2-гэр диэри дьарыктанна. Тренер иһитиннэрбитинэн бэлэми хамаанда бары чилиэттэрэ ааспыттар, коронавируһунан ыалдьыбыт суох. Кини Арассыыйа буоксаҕа чөмпүйэнээтэ сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 6-гар диэри барыан эттэ.
Кылаабынай тренер Олимпийскай оонньууларга квалификацияны күүтэллэрин эттэ. «Ахсынньыга балаһыанньа биллэригэр эрэнэбит, буолаары турар күрэхтэһии национальнай хамаанда састаабыгар сүүмэрдээһин курдук буолуо. Оренбургтааҕы күрэхтэһии кэннэ олимпийскай квалификацияҕа бэлэмнэниини саҕалыахпыт», — диэтэ Виктор Фархутдинов.
Дойду чөмпүйэнээтигэр Саха сириттэн аан дойду вице-чөмпүйүөнэ, Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Василий Егоров, Михаил Варламов, Талбан Егоров, Николай Григорьев, Айаал Степанов, Виталий Стручков кыттыахтара. Москуба хамаандатын туһугар Назар Андреев, Борис Сидоров, Санкт-Петербургтан Евгений Мартынов, Краснодарскай кыраайтан Михаил Прокопьев киирсиэхтэрэ.