Улахан Ботуобуйа өрүстэн ууну ылар эбийиэги тутуу тула аат-суол оҥосто сатыыр дьон аймалҕаны-араллааны тартылар. Кинилэр дьиҥнээх куттал баарын курдук олоҕо суохтук тыллаһан, дьон-сэргэ ортотугар бутуйууну таһааралларын туһунан промышленность миниистирэ Андрей Панов бэлиэтиир.
«Дьон кыһалҕатын быһаарсыбыта буолан, кинилэр ити тутуу саҕаланнаҕына, өрүс уолуон сөбүн туһунан этэллэр», — диэн кини социальнай ситимҥэ баар страницатыгар суруйар.
«Таас-Юрях Нефтегазодобыча» («Роснефть» салалтатынан үлэлиир компания) Орто Буотубуйатааҕы баайдаах сири туһаҕа таһаарар туһугар ууну ылар эбийиэги тутары көҕүлүүр. Таас- Үрэх сорох олохтоохторо тутуу өрүс экологическай балансатын кэһиэн сөп диэн утараллар.
Миниистир ааҕыытынан, тутуу бэрт дуона суох ууну хачайдаан ылар.
«Холобур, 200 лиитэрэ уулаах буочукаттан үс толорута суох ыстакаан ууну баһан ыллахха, буочука уута хайдах уолуон сөбүй? Маныаха чуолкай уонна чопчу ааҕыы баар», — диир миниистир.
«Кырдьыктаахтык уонна аһаҕастык эттэххэ, сотору быыбар буолаары турар. Онно рейтини үрдэтэр туһугар дьоһуннаах төрүөт наада. Оннук төрүөтүнэн экономика боппуруоһун токурутуу, дьону бутуйуу баара хомолтолоох”, — диэтэ кини.