Бүгүн, от ыйын 12 күнүгэр, Уус-Майа улууһугар зондировщик-сөмөлүөт «Циклон» Ан- 26 үлэтин саҕалыыра былааннанар. Оройуоҥҥа саамай элбэх ойуур баһаара буола турар-15.
«Күн иккис аҥаарыгар Уус-Майа оройуонугар Ан- 26 «Циклон» зондировщик көтөрө былааннанар. Ааспыт сууккаҕа ойуур баһаарын умуруорууга барыта түөрт салгын суудуната көттө, авиапортруллааһыҥҥа алта сөмөлүөт үлэҕэ тардылынна.
Баһаар үрдүк кылаастара Амма уонна Уус-Майа оройуоннарыгар буолар тураллар. Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар регионнааҕы таһымнаах ЧС биллэриллэн турар, муниципальнай таһымнаах ЧС— Мииринэй, Томпо, Уус-Маайа уонна Нерюнгри оройуоннарыгар биллэриллибитэ»,-диэн экология миниистирэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. От ыйын 12 күнүгэр сарсыардатыгар уопсайа 45 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 43 ойуур баһаара умайа турар, онтон 15 — Уус- Майа улууһугар бааллар. Ааспыт сууккаҕа 36 баһаары туораттылар.